“Умнуллубат ааттар”

Үөһээ Бүлүү улууһун устуоруктарын уонна кыраайы үөрэтээччилэрин түмсүүтүн көҕүлээһининэн бастакы чинчийэр айан биһиги биир дойдулаахпыт “Саха биллэр тылбаасчыта”, “Саха сирин литератора” түмсүү чилиэнэ, биллэр суруналыыс Владимир Тимофеевич Николаев төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах библиотекабытыгар төгүрүк остуол буолан ааста. Айанньыттар Үөһээ Бүлүүттэн автобуһунан, болдьоммут чаастарыгар сарсыарда 10:00 чааска баар буоллулар. Төгүрүк остуол саҕаланыытын нэһилиэк баһылыга Романов Николай […]

“Кинигэ күүһэ”-“Сила книги”

Өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа алтыс төгүлүн ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэбитигэр “Оҕо саас” сыла биллэриллибитинэн ааҕааччыга сүрүн оруол оҕоҕо ананна. Биһиги нэһилиэкпитигэр күөххэ үктэммиппитин бэлиэтии, сайылык күнүгэр сөп түбэһиннэрэн уолаттар ааҕыыларын ыыттыбыт. Романов Ньургун, Руфов Эрхан уонна Санников Саян, Тимофей Сметанин “Мэхэлэчээн булчут кэпсээннэрэ” айымньытыттан “Куһу ураҕаһынан да бултуурбут” кэпсээни бэрт сэргэхтик, итэҕэтиилээхтик ааҕан иһитиннэрдилэр.

Бүгүн Аан дойдуга дьиэ кэргэн күнэ

ХНТ Генеральнай Ассамблеялара 1993 сыллаахха дьиэ кэргэн Аан дойдутааҕы күнүн олохтообута. Бу бырааһынньык Российскай Федерацияҕа бэлиэтэнэр буолбута 20-тэн тахса сыл буолла. Арассыыйаҕа “Дьиэ кэргэн”, Өрөспүүбүлүкэбитигэр “Оҕо саас” уонна Үөһээ Бүлүүбүтүгэр “Түмсүү” сылларынан биллэриллибитэ. Дьиэ кэргэн – уопсастыба тулхадыйбат төрдө, омук сайдыахтаах, инникилээх кэскилэ. Дьиэ кэргэн хайдах туруктааҕыттан, кини хайдах дьаһанан олороруттан бүтүн норуот олоҕо тутулуктаах. […]

Өрөгөйдөөх Өрөспүүбүлүкэбит күнэ!

Муус устар 26 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэбит күнүн көрсө библиотекабытыгар, күн бастакы аҥарыгар 3 кылаас үөрэнээччилэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээбит чулуу уолаттарбыт туһунан медиаурок көрдөрүүтэ уонна Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар “Символы Якутии” олимпиада ыытылынна. Күн иккис аҥарыгар Дүллүкүтээҕи Сынньалаҥ Киин уонна Дүллүкү нэһилиэгин Библиотеката кыттыһан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр аналлаах түөлбэлэр икки ардыларыгар “МИН ДОЙДУМ” түһүмэхтэринэн-айан (квест-игра) оонньууну ыытта.Бэрт сэргэх […]

Всероссийская акция “Библионочь-2024”

Наша библиотека присоединилась к Всероссийской акции “Библионочь-2024”. Этот день мы провели с учениками второго и третьего класса Дюллюкинской СОШ. Проведены мероприятии по чтению вслух и на скорость, викторины, раскрасили гигантскую раскраску по мотивам русских сказок, аквагрим и фотосессия на фоне книг с цветами. В качестве аквагримера приняла участие ученица 10 класса Алексия Михайлова, фотограф Ирина […]

“ЧОЛБОН” сурунаал үлэһиттэриниин көрсүһүү

Муус устар 14 күнүгэр нэһилиэкпит библиотекатыгар “Чолбон” сурунаал үлэһиттэриниин көрсүһүү буолла. Кыттыыны ыллылар “Чолбон” сурунаал бас эрэдээктэрэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, поэт, публицист, тылбаасчыт, кыраайы үөрэтээччи- Гаврил Гаврильевич Андросов, “Чолбон” сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ, СӨ культуратын туйгуна, суруналыыс- Туйаара Степановна Павлова ону тэҥэ, сурунаал эрэдээксийэтин сүбэтин чилиэнэ, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт, прозаик, суруналыыс- Ангелина […]

ОЛОҤХО

Олоҥхо күнүнэн бэйэҕин бэрэбиэркэлэн хартыынаны баттаа

Николай Якутскай

Н.Г.Золотарев- Якутскай төрөөбүтэ 115 сылын бэлиэтии нэһилиэк библиотекатыгар кэккэ тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Баай фантазиялаах суруйааччы” диэн кинигэ быыстапката дьон болҕомтотун тарта. Маҥнайгы кылаас оҕолоругар “Эһээ Ньукулай остуоруйаларын” истии буолла, остуоруйаны кэпсээтэ библиотекабыт бэтэрээн үлэһитэ А.Р.Санникова. Бу күн, куобахтан куттас ким баарын, эһэлээх бөрө иирээннэрэ туохтан буолбутун, Саатыыр кыыс тоҕо ыйга тахсыбытын туһунан биллилэр. Үрдүкү кылаас оҕолоругар […]

СЛАВА ОКТЯБРЮ!

Давайте вспомним наши добрые,советские фильмы. Предлагаем пройти тест нажав на картинку⬇️

НЬУРГУҺУННАР

Далыр 29.05.1960 сыл. Биһиги сарсын онустарга экзамен буоларыгар ньургуһун хомуйа Хара Таалаҕа барыахтаахпыт: Саня Егорова, Маня Хогурова, Мавра Федорова, Вера Оконосова, Роза Николаева, Анна Алексеева, Мила Докторова (бу Мила дневнигиттэн ыллым). Дьэ, биһиги ити бочуоттаах сорудаҕы толороору интернат биэрбит киирсэбэй саппыкытын дэлби баахсалаан, формабытын өтүүктээн, ол саҕана муода лакированнай курунан быакаччы курданан, суһуохпутун икки аҥы […]