Муус устар 14 күнүгэр нэһилиэкпит библиотекатыгар “Чолбон” сурунаал үлэһиттэриниин көрсүһүү буолла. Кыттыыны ыллылар “Чолбон” сурунаал бас эрэдээктэрэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, поэт, публицист, тылбаасчыт, кыраайы үөрэтээччи- Гаврил Гаврильевич Андросов, “Чолбон” сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ, СӨ культуратын туйгуна, суруналыыс- Туйаара Степановна Павлова ону тэҥэ, сурунаал эрэдээксийэтин сүбэтин чилиэнэ, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт, прозаик, суруналыыс- Ангелина Николаевна Шадрина- Суоһааны.

Библиотекабыт иһинэн үлэлиир “Поэзия” бөлөх кыттыылаахтара Акулина Христофорова, Валерий Никифоров, Николай Васильев көрсүһүүгэ кыттан, кэккэ боппуруостары ыйытан, санаа үллэстэн бэрт сэргэх кэпсэтии буолла. Бэтэрээн үлэһиппит Антонина Романовна бэйэтин баҕа санаатын тиэртэ.
Оскуолабыт иһинэн үлэлиир Антонина Ивановна салайааччылаах “Эрчим” эдэр кэрэспэдьиэннэр үлэлэстилэр. Инникитин суруналыыс буолар баҕалаах оҕолор Ангелина Николаевна- Суоһааныттан бэрт элбэх сүбэни- аманы ыллылар. Түмүккэ ыалдьыттарбытыгар төрөөбүт дойдубут туһунан “Төрүт дойдум Дүллүкүм” кинигэни бэлэхтээтибит. Гаврил Гаврильевич библиотека фондатын хаҥатыыга бэйэтин кинигэтин итиэннэ доҕорун кинигэтин бэлэх уунна.

