ДЮЛЛЮКИНСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

Бүгүн Аан дойдуга дьиэ кэргэн күнэ

ХНТ Генеральнай Ассамблеялара 1993 сыллаахха дьиэ кэргэн Аан дойдутааҕы күнүн олохтообута. Бу бырааһынньык Российскай Федерацияҕа бэлиэтэнэр буолбута 20-тэн тахса сыл буолла.

Арассыыйаҕа “Дьиэ кэргэн”, Өрөспүүбүлүкэбитигэр “Оҕо саас” уонна Үөһээ Бүлүүбүтүгэр “Түмсүү” сылларынан биллэриллибитэ.

Дьиэ кэргэн – уопсастыба тулхадыйбат төрдө, омук сайдыахтаах, инникилээх кэскилэ. Дьиэ кэргэн хайдах туруктааҕыттан, кини хайдах дьаһанан олороруттан бүтүн норуот олоҕо тутулуктаах. Дьиэ кэргэн – судаарыстыба тирэҕинэн буолар. Иллээх, бигэ туруктаах, чөл олохтоох дьиэ кэргэнтэн кэскиллээх ыччат иитиллэн тахсар. Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүнэн эҕэрдэлиибит! Алаһа дьиэҕитигэр ил-эйэ эрэ уйаланнын!

Уруу аатын төһө билэҕин? -тургутугу ааһаргар ыҥырабыт /хартыынаны баттаа/