Республиканская акция “Подари радость- подари книгу”
14 февраля, Международный день книгодарения .Присоединились к благотворительной акции библиотек Республики Саха Якутия «Подари радость – подари книгу». Акция направлена на поддержку многодетных семей и семей попавших в трудную жизненную ситуации. Главная идея акции – напомнить о том, что книга была и остается прекрасным подарком. Книга – один из самых мудрых и драгоценных подарков. В России, как и во всём мире, стало […]
Үөһээ Бүлүү оройуона (улууһа) төрүттэммитэ 88 сыла.
Үөһээ Бүлүү улууһа төрүттэммитэ 88 сылын уонна биллиилээх общественнай-политическай деятель И.Н.Барахов төрөөбүтэ 125 сылын көрсө «Уһулуччулаах дьонноох Үөһээ Бүлүү» диэн оскуола саастаах оҕолорго квест-оонньуу ыытылынна.6-10 кылаастар кытыннылар. 6 түһүмэхтээх сорудахтары толордулар. Бастакы түһүмэххэ “Үөһээ Бүлүү бэҕэһээ, бүгүн, сарсын” кинигэттэн “Үөһээ Бүлүү албан ааттаахтара” балаһаттан Руф Иванович Кардашевскай уонна Дмитрий Иванович Донской (Чөрөктүүрэп) тустарынан боппуруостарга эппиэттээһин. […]
Таайтарыылаах таҥха.
Кинигэнэн таайыы. Бастакы ньыма. Ханнык баҕарар эргэ кинигэни, боппуруос биэрээт, арый. Харахха тута быраҕыллыбыт тексинэн инники олоххун быһаар. Иккис ньыма. Эргэ күлүүс тылыныл уонна кинигэ лиистэрин икки ардыгар чорбоҕорунан кыбыт. Кинигэ эмиэ эргэ буолара ордук. Күлүүс түспэтин курдук быанан кытаанахтык эрийэ баай. Онтон кинигэни күлүүс тыла тутуллар сиринэн дьиэ өһүөтүгэр эбэтэр аан үөһээ холуодатыгар ыйаа. […]
Алыптаах олоҥхо нэдиэлэтэ.
Дүллүкү нэһилиэгэр Олоҥхо нэдиэлэтин чэрчитинэн М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет, олоҥхону чинчийэр научнай института, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотеката,олоҥхо тыйаатыра,Саха Өрөспүүбүлүкэтин олоҥхо ассоциацията сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар,олоҥхо баай тылынан-өһүнэн билиини-көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа олоҥхо дьыктаана Дүллүкү нэһилиэгэр олохтоох бэйэни салайыныы МТ “Дүллүкү нэһилиэгэ” дьаһалта үлэһиттэрэ саҕалаатылар. П.А.Ойуунскай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон […]
Үөһээ Бүлүү улууһугар Ийэ тыл сыла, Норуодунай бэйиэт Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сыла.
Тэрээһиммит саҕаланыыта норуодунай бэйиэт туһунан кэпсэтииттэн саҕаланна, Намҥа баар түмэл саҥалыы бэлэмнэммитин билиһиннэрдибит, “Тобуруокап ыллыга” хайдах курдук тупсаҕайдык оҥоһуллубутун кэпсээтибит, түгэн көһүннэҕинэ түмэлгэ сылдьалларыгар сүбэлээтибит. “Күндүттэн күндүнү – олоҕу туойбутум”диэн ааттаах ТОК-оонньуу (Толкуйдаа Оонньоо Кыай.) кыра кылаастан саҕалаан сөбүлээн ааҕар, үөрэтэр айымньыларбыт ааптара Петр Николаевич Тобуруокап үбүлүөйдээх сылыгар анаан оскуолаҕа ыытылынна. Кылаас аайыттан иккилии оҕо […]
“Кэрэ киһиэхэ ийэҕэ”
Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх хомоҕой хоһоонньуттарбыт, ийэҕэ анаабыт хоһооннорун хомуурунньуга.
Олоҥхо уһун тыыннаах ааҕыыта.
Бэс ыйын 20-21 күннэригэр буолбут XV Олоҥхо ыһыаҕар Үөһээ-Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотека тэрийэн ыыппыт республикаҕа аан бастакытын ыытыллар П.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун 100 киһи кыттыылаах уһун тыыннаах ааҕыта икки күн быыстала суох ааста. Бу сэдэх тэрээһиҥҥэ республикабыт араас муннуктарыттан, Москваттан, Алтайтан 100 киһи кыттыыны ыллылар. Биир саамай ыраах сиртэн Турцияттан кыттыыны ылбыт, элбэх киһи көрөн- истэн […]
Үйэ аҥаарын уҥуордаан…
Бэс ыйын 15 күнүгэр нэһилиэкпитигэр 50 сыл ынараа өттүгэр ол эбэтэр 1972 сыллаахха, Саха государственнай университетын физика уонна математика факультетын иһинэн тэриллибит “Софим” студеннар тутар этэрээттэрин байыастара ыалдьыттаатылар, командир Василий Федорович Каратаев. 1972 сыллаахха биһиги нэһилиэкпитигэр “Дүллүкү” совхоз хонтуоратын туппуттарын сылаастык ахтан, эдэр саастарын санаан автотур тэринэн кэлэн бардылар. Уопсайа 7 байыас үөрэ- көтө, ырыа […]
БИБЛИОСУМЕРКИ- 2022
Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар,Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан уонна XV олоҥхо ыһыаҕын көрсө, Арассыыйатааҕы«БИБЛИОСУМЕРКИ – 2022» “ӨБҮГЭ ҮГЭҺЭ-быстыбат ситим” Күнүс 12:00 чаастан уһуйаан иитээччитэ Любовь Ильинична Седалищева саха маанылаах аһын Саламааты хайдах буһарарга маастар- кылаас ыытта, кыттааччылар субу буспут саламааты амсайдылар бэлэх быһыытынан саламаат ырыссыаптаах буклет туттулар. XV олоҥхо ыһыаҕын көрсө биһиги нэһилиэкпит […]
Кинигэ биһирэмэ.
Үтүө күнүнэн! Бука барыгытын эҕэрдэлээн уонна кинигэ ааптарыгар Анатолий Макарович Федоровка – Дулуга, ону тэҥэ бу кинигэ тахсыытыгар сыраларын ууран туран үлэлэспит дьоммутугар, чуолаан: Нэһилиэкпит баһылыгар Егор Алексеевич Николаевка, Ветеран учууталларга Федоров Анатолий Макаровичка,Саввинова Людмила Никитичнаҕа, Васильева Валерия Васильевнаҕа уонна олохтоох дьаһалта сүрүннүүр специалиһыгар Ильина Нина Николаевнаҕа махтанан туран, “Төрүт дойдум – Дүллүкүм” диэн дьоһуннаах […]