Бэлэх кинигэ

Нэһилиэкпит библиотекатыгар бэлэх кинигэ тиийэн кэллэ. Биир дойдулаахпыт, эдэр кэскиллээх ыччаппыт, Светлана Егорова- Сыдьаайар Кылыстаах дьоҕус кинигэтин бэлэх ыытта. Светлана Егорова оҕо эрдэҕиттэн суруйарга холонор, бу номнуо иккис хомуурунньуга буолар. Ону туоһулуур бу эһиги инньигитигэр сытар дьоҕус эрээри дьоһун ис хоһоонноох хомуурунньук. Светлана Егорова “Сэргэлээх уоттара” түмсүү кыттыылааҕа, түмсүү иһинэн талааннаах ыччат дьон хомуурунньуктарын бэчээккэ […]

Дьүкээбил үҥкүүтэ

Алыптаах халлааны көрө түспүтүм,Кый ыраахтан устан кэлэҥҥин,Дойдум үрдүнэн үҥкүүлээн бардыҥ,Дьүкээбилим бүтүннүү абылаатыҥ. Айылҕа мускуйан айбыт уолана,Соҕотох одуулуу турабын…Толбоннура оонньуур суһумҥун,Дьиҥ бэйэм кэрэхсии туойабын. Көмүс дьарҕаа оһуоруҥ,Халлаан устунан тарҕанар…Көнньүөрбүт дууһам миэнэЭйиэхэ тахсаары талаһар. Ыраатыма дуу сүтэн,Хара тыа саҕатыгар.Бүтүмэ дуу үҥкүүлээн,Дойдум халлааныгар. Долгулдьугас дьүкээбилим,Көрдөһөбүн уостума,Үрдүккэ көтүтэн таһааран,Ыл дуу бэйэҕэр, умуллума. Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.

***

Кырыабыт оҺуордуу тиҺиллэнТулалыы киэргэнэ симэннэ,Үрүҥ хаар үктэлэ кылбайаДьиримнэс көмүскэ сууланна. Кыраман үрдүктэн субулланҮрүмэ сабыыта тунаарда,Тырымнас күлүмү арыйанУраты эйгэни түҺэрдэ. Саҥа Дьыл үүнүөхтээх киэҺэтэКүнтэн күн сыыдамнык чугаҺыыр,Сырылас сыарҕата сырылаанТымныы оҕонньор айанныыр. Симэммит харыйа лаглайанАлыптаах түгэни бэлэхтиир,Үөрүүнү көтүүнү үксэтэнСүргэни көтөҕө сыдьаайар. Саҥа Дьыл, Саҥа Дьол тосхолоЫал аанын кэрийэ тоҥсуйдун,Ыал ахсын кэҺиилээх ыалдьыттаанДьиэ кэргэн үөрүүтэ үксээтин. Харыстаана.

Умнуллубат түгэннэр

Өрөөбүт уоспун өһүлэмминӨрүкүйэн кэпсиибинҮөрбүт-көппүт түгэннэрбин,Өйтөн- сүрэхтэн сүппэттэрин Ойуур харыйатын кэрэтинОскуолаҕа аҕаларбытОройугар кыһыл сулуһуОлордоммут астынарбыт Хаарчаанаҕа,Тымныы оҕонньорго-Хаары таһан чиҥэтэрбитУран-мандар оҥоһуктаргаУмсугуйан үлэлиирбит Ыра санаабыт ымыыта-Ырыа курдук тахсараХарах арахпат оҥоһуктараХаартан тахсан кэлэрэ Кыра кылаастан кыттыһанКырааскалаан, кырыйанКумааҕыттан таһаарарбытКуруһуба арааһын Умайар уот сулустаах,Олус элбэх оонньуурдаах,Ойуур кыыла-араастаахОстуоруйаттан кэлбит-дьоруойдаах Күөх харыйабыт тупсарынКөрө-көрө үөрэрбитКөхтөөх үлэ түмүгэ-Көстөрө- оо,үчүгэйин! Аны туран мааскабыт –Атын туһунан эйгэбитАраас […]

***

Туолбут ый тоҥуй сыралыгарСуолу ыйар тунал сырдыгар,Кураанах суол омоонун устунХаамабын соҕотох чуумпуга. Киэҥ куйаар чуумпуну иҺиллиирСулус эрэ сулустуун сэлэҺэр,КиэҺээҥҥи нуҺараҥ сиэтиҺэрСиттэрбэт санаабын көтүтэр . УҺун суол омоонун оҺуордаанСаҺыарбыт күннэри хаамтарар ,Туолбатах ырабын ситээриМин санаам эргийэ кылыйсар. ДууҺаны уоскутар чуумпугаДьиримниир сулустаах халлааҥҥаМин санаам көҥүллүк көтүҺэрКиэҥ куйаар күөнүгэр көччүйэр . АҺаҕас сулустаах халлааҥҥаДьиктини эрэнэ кэтиибин,Санаабын сааҺылыы кэпсиибинЫрабын […]

Ый бөрөтө

Кыһыҥҥы түүн тымныйыыта,Ыйдаҥам уота угуйар,Тунаархай ый туолуута,Мин кутум бөрөлүү улуйар. Тоҕо соҕотохсуйан бөрөҕө кубулуйдум?!Туох иһин ый диэки көрөн улуйдум?!Бу хабараан дойдуттан тугу булаары,Оргуйар олох үөһүгэр умустум… Оо, ыйым барахсан…Бытарҕан дьыбары хайыта көтөммүн,Эйиэхэ талаһан тиийиэхпинКөрүөм этэ буоллаҕа, туналыйбыт дойдубун үөһээттэн… Тула эйгэм-тыйыс тыын…Сүпсүлгэннээх мөккүөрдэр,Сыл-хонук эргииринэнЧысхаанныы иһирэн ааһаллар. Тулабын хаарыйар туман,Сүтүөм мин барытын умнан…Орто дойду үлүскэннээх моргуоругар,Дьолбун […]

Былатыан Ойуунускай туһунан хоһоон

ТИЛЛИИ Урааҥхай СахаУлуу омуктардыынУһаарсыһан аҕалбытУйгутугар олорон,Аргыардаах күннэри,Айдааннаах түүннэриАаспытын кэннэАрыйан көрдөххө-Сүүрбэһис үйэСүпсүлгэннээх кэмнэрэСүрүкэйин эбитин!Уустук кэмУтарсыыта,охсуһуутаУлуукайын эбитин!Очурдаах олохОломноон ааспытаОлуһун эбитин! Бутуурдаах үйэҕэ-Буруолаах барытаБутуллар кэмигэр,Бу курдук киһи-Буомурбут,буорайбыт,Баайдарга баттаппыт,Бар-дьонун кэскилинБыһаарсарга кэлбит-Былатыан убайбыт,Талыы-талба сирдээхТалах имигэс тыллаахТаатта дьонугарТакайыллан иитиллэн,Оҕо эрдэхтэнОлоҥхоҕо,номоххоУлаханнык убананУһуйулла улаатан,Уус тыллананОйуунускай диэн ааттанан,Мөккүөрдээх кэмҥэМөккүстүн диэн,Айдааннаах кэмҥэАлтыстын диэн,Үрүҥ Аар тойонтонЫйаахтаах курдукУһун тыллаахУтарбатын курдук,Уохтаах этиинэнУтары охсор,Өстөөх киһиӨрөлөспөтүн курдукӨргөс тылынанӨтөрү көрсөр,Саха киһитэСамныбатын […]

Илбис Олоҥхо курдук омуннаан омолуттахха,Сэһэн курдук сэгэтэн кэпсээтэххэ:Аан дойду аарыгыран айыллыыта,Орто дойду олоҕо оргуйан туруута,Киһи буолуохтаах кэскилим сиригэр,Саха буолар саргылаах дойдубар,Адьарай тыын дьиккэрдэрэ,Алдьархай ааннаабыттар,Олох оҥоһуутун урусхаллаабыттар,Тулалыыр айылҕаны айгыраппыттар,Күтүр түөкүттэрэ ордугурҕаспыттар,Үөдэн күлүктэрэ үөгүлэспиттэр эбит.Мин диэтэх киһи алыс аһыйан алы гымматым, Ордук уордайан тулуйан олорботум,Илгистэн, тииһигирэн уһугуннум.Дьолбун уһулан, үтүөбүн өһүлэн,Куппун-сүрбүн быһах биитин курдукСытыылаан, чочуйан биэрдим.Хабараан халлаантан хара […]

Дьылҕаттан ааттаһыы.

Соһуччугун, дьылҕа эн сытыыгын!Дойдум амарах дьонун аһымматыҥ,Тоҕо эмискэ харах уутун тохтуҥ?Өссө да олоруохтаах олоҕу тохтоттуҥ… Сордуугун, дьылҕа эн ытатаҕын!Киһи тэбэр сүрэҕин хам тутаҕын,Туох иһин дьоммун эрдэ ыҥырдыҥ?Олох ситиитин былаҕайга быстыҥ… Дьылҕа эн тохтоо, көрдөһөбүн…Аймах билэ бар дьонум,Өссө да өр олордуннар,Уһун үйэлээх буоллуннар. Ылыма, дьылҕа эн көтүтүмэ,Күлэр-үөрэр күннэрин үлтүрүтүмэ.Олохтон дуоһуйар хаарыан саастарын,Быстахха бука диэн былдьатыма. Эдуард […]

Хаар буолуом

Хаар түһэр кэмигэр,Эн миигин санаар…Үөрэр-көтөр түгэҥҥэрЭн миигин умнумаар. Мин эмиэ баҕарабынХаар буолан үллүктүөхпүн,Эн тулаҕын уоскутан,Наҕыллык үҥкүүлүөхпүн. Үөһээттэн оргууй түстэрбинУуллуом этэ ытыскар…Көнньүөрэн турдаргын,Ириэм этэ иэдэскэр. Бүгүн хаар буоланСүрэххэр дьолу туойуом…Чуҥкуйбут санааҕын,Сырдыгынан толоруом. Ол эрэн миигин умнумаар,Маннык сэдэх түгэҥҥэМичилийэн ылларгынМиигин саныыр буолаар. Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына