Быстах түүл
Мин бу туох буолан эйигин түһээтим?Хайдах түүлбэр киирэҥҥин аймаатыҥ?Кыраттан турар сүрэхпин долгуттуҥ,Дьиҥ олох кэриэтэ сандааран аастыҥ… Түүлбэр эн мичилийэргин көрөн,Мин дьоллоох да киһи этим…Истиҥ сыһыаны олохтоон,Имэҥнээх тапталга куустарбыппыт. Эйэҕэс мичээриҥ харахпарИҥэн хаалбыт курдук…Көрдөхпүнэ аттыбар бааргын,Өссө да көрсүһүөх буолбуппут… Уһуктубутум… кураанаҕыан, албыныын…Тоҕо эрэ туорхаһыйан бардым,Итэҕэйбэккэ курутуйан да ыллым,Ол түүлгэ төттөрү төннүөхпүн баҕардым. Ол эрэн билэн эрдэҕим […]
Ыйга айан
Абылаата, аптаата Ыйым миигин ыҥырда… Суһум суолу субурутан, Орто дойдуттан көтүттэ. Хаалла ыраах урсуҥҥа, Бытарҕан тымныылаах, Ытыллар буурҕалаах Ол мин тыйыс дойдум. Үрүмэ былыттарынан, Хаар айылҕам бүрүлүннэ… Үөһээ чолойон көрбүтүм, Ыйым бу чугаһаан көһүннэ. Түөспүнэн тардыллан, Салгыны сапсыйан иһэбин. Куйаар ситимин тутан Халлаанныын силбэһэбин. Уйулҕалыын угуттанан, Ыйбын сэрэнэн кууһабын… Куттуун кутуллан, Туналыйан көстөбүн. Тулабар сулустар […]
Хоһоонньут олоҕо
Айылҕа күүһүн хоһуйар хоһоонньутОлох эргиирин анаарар айанньыт.Төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх;Айар дьоҕурдаах аламаҕай киһи. Оһуордаах, уус-уран тыллаах,Хомуһуннаах, саха тыыннаахХоһоонньут көхсүгэр кынаттаах,Эргийэ элиэтиир халлааннаах. Үйэ тухары норуотугар иэстээх,Сааһын тухары биир итэҕэллээх!Сарсыҥҥы күнүгэр бигэ эрэллээх!Дьонтон дьикти ураты көрүүлээх. Аан дойдуну арҕарар аартыктаах,Ырыҥалыыр көҥүл санаалаах,Айыылартан айылгылаах,Аар айылҕаттан айдарыылаах. Орто дойду айгырыыр олоҕунОйуулаан хоһуйар аналлааҕа…Тулалыыр эйгэ киэҥ иэнин,Хоһоонньут омолутар толкуйдааҕа. Эдуард […]
Саҥа хоһоон
ааҕар ааптар- Айылгы Тыына
Ыйдыын алтыһыы.
Үрүҥ күнү солбуйа,Улам им сүтүүтэ,Сандаархай өҥүнэнСыдьаайан кэлэриҥ. Хараҥа халлааммарСоҕотох көмүс киэргэлим.Эн эрэ буолаҕын ыйым,Мин түүҥҥү доҕорум. Ардыгар хара былыттарСабардыырга дылылар.Сэдэх көстүүлээх буолаҥҥын,Күн ахсын көрсүбэт буоларбыт. Ол эрэн кэрэ түгэниМүччү туппатарбын,Эйигин атаспын,Көрсөрбүн күүтэрим… Истиэҥ буолаарай,Талаһар санаабын…Мин бу орто дойдугаХайдах олорорбун. Олох ыркый ойууругар,Өрүү аргыс буолан,Сирдээ дуу миэхэ,Сөптөөх ыллыгы туһаайан. Эн тула сулустар элбэхтэр,Эрээри соҕотохсуйаҕын…Мин тула дьон […]