Индиана Феофановалыын “Оһох уота” хоһоон тула кэпсэтии

Алтынньы 31 күнүгэр Дүллүкүттэн төрүттээх, биллиилээх хоһоонньут Индиана Васильевна Феофановалыын истиҥ көрсүһүү буолла.Биир дойдулаахпыт, хоһоонньут Индиана Васильевна Феофанованы кытта “Оһох уота” (Ахтылҕан) хоһоон хайдах айыллыбытын туһунан олус истиҥник кэпсэттибит. Индиана Феофанова номнуо 4 хоһоон хомуурунньуга бэчээккэ тахсыбыттар уонна тиһигин быспакка “Далбар Хотун”, “Байанай” уо. д. а. сурунаалларга айымньылара тахсаллар.Көрсүһүү түмүгэр кини айар үлэтин туһунан элбэҕи […]
Түннүкпэр оһуор

Түннүкпэр хатыламмат оҺуорНарын куруҺуба тиҺиллибит,Кырыа муус сүүмэхтэн чочулланУраты хартыына ыйаммыт. Биир дьикти умсугутар көстүүКүлүмнүү, чаҕылыйа тыкпыт,Хаарчаана кыыспыт оҕуруотунТүннүк аайы оҺуордуу аспыт . Муус кырыаҕа да, баар эбээт ,Сүрэҕи үөрдэр сылаас иэйии,Сүргэни көтөҕөр кэрэ көстүү. Харыстаана Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү
Саха ырыата Уһук Илини сөхтөрдө

Бэҕэһээ Саха сирин олохтоохторугар куйаар ситиминэн үөрүүлээх сонун кэллэ. “Родники. Дальний Восток” фестивальга талааннаах ырыаһыт Инна Донская “Өбүгэ хомуһа” диэн ырыанан Гран-при буолла!Бу хомус тыыннаах ырыа тылларын ааптара – Николай Васильев Харыйалаах Уола. Саха ырыатын аартыгар саҥа сулус таҕыста, кини айар талаана биһиги дойдубут аатын ааттатан, киэҥ далааһыннаах Уһук Илиҥҥэ билиннэ.Инна Донскаяны уонна Николай Васильев […]
БАРСЫЫЙ МИИГИННИИН

Көрүөҥ буолаарайКүн саҕахха киириитин,Истиэҥ буолаарай,Тула айылҕа сипсиэрин… Онтон мин баҕарабын,Барытын умнуохпун,Дьоллоох кэрэ түгэҥҥэЭн аттыгар буолуохпун. Куотуоххарыый иккиэнБу дойдуттан ыраах…Көрүөххэриий бииргэОл кыыһар саһарҕаны. Сүүрүөххэриий күлэ-үөрэКүөх сыһыы устунан тэҥҥэ,Көтүөххэриий сулустарга,Туолбут ый сырдыгар… Тахсыаххарыый былыттарга,Сылаас салгыҥҥа уйдаран…Батыһыаххарыый күн уотун,Мичилийэн ылан сиэтиһэн. Хаалыаххарыый онно өрүү,Ким да тиийбэт дойдутугар,Барсыый миигинниин,Истиҥник саныыр сэгэрим… Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.
“Кэтэһээр Дүллүкүм”

Индиана Феофанова тыллара, Александр Дмитриев- Таммах дьүрүлэ, толоруута. Дүллүкү нэһилиэгин айылҕатын кэрэ көстүүтүн олохтоохтор хаартыскаҕа түһэриилэрэ. Таҥан оҥордо Нина Ильина
Албаннаах ааттара ааттанар

Хонуктар ааһалларЫраата бараллар,Бэтэрээн ахсаанаАҕыйыыр сыллата. Ол эрэн сүрэххэАаспаттык сөҥнөҕөСып- сырдык мөссүөннэрСүппэттик көстөннөр. Үйэттэн үйэҕэСиэннэргэ тиксиһэ,Албаннаах ааттараАхтылла ааттанар. Кэриэстээн ааһыаҕыҥСанньыйан ылыаҕыҥ,Сибэкки дьөрбөтүнМахтана ууруоҕуҥ. Уо хаһан даҕаныУот сэрии буолбатын!Өрүүтүн чэчирииТуруохтун күн сирэ! Акулина Христофорова- Сайар Кут Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү
Кэриэстээн санньыйан ылыаҕыҥ

Уоттаах сулус анныгарУматан чүмэчи тутаммытБука бары тахсыаҕыҥБааралаһа сэлэлии хаамсыаҕыҥ. Тиийиэҕиҥ монумен иннигэрБуойуннар албан ааттарыгар,Улуу кыайыыны уһансыбытӨлбөт – сүппэт кэриэстэригэр. Чуумпура иһийэн тураммытӨлбүттэр ааттарын ахтыаҕыҥ,Уматан чүмэчи уураммытМахтал тылларын этиэҕиҥ. Кэккэбитигэр аны суохтарКырдьаҕас бэтэрээн дьоннорбут,Төбөнү хоҥкутан тураммытКэриэстээн санньыйан ылыаҕыҥ. Хааллаҕа үгүс сүрэххэӨлбөт – сүппэт ааттараӨлбөөрбөт үтүө өйдөбүлҮүнэр көлүөнэ ыччакка. Сайар Кут. Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.
СААС КЭЛЭН

Үөр туллугу соһуччу көрөммүнОҕобор түһэммин ойуолуох курдукпун,Эриэккэс, эйэҕэс чырыбы истэмминЭдэрбэр түһэммин эккириэх курдукпун. Саас кэлэн- үөрүүбүт үрдүүрүнСүрэххэ тиийэрдии-мин хайдах этиэмий,Барылыы-күрүлүү-дьиримнии устарынБарыта кэрэтин-мин туохха тэҥниэмий!? Хас көстүү хартыына курдугунСоһуччу бэлэҕин-сонургуу көрөбүнТыын уган -хоһуйа түһүөхпүнТылым тиийбэт-сорун көрсөбүн Туруйа хаһыытын эмискэ истэмминТурууктуур уруйун-тута эппэтим,Сааскы сарсыарда-сатарыыр айхалынСаҥа аллайан-сатаан эппэтим. Ол кэми, ол түгэни аһардан кээспэккэИэйиибин киллэрэ- иһийэн хаалабын,Омуммар, төлөммөр-сыыһа […]
Туруйа таптала

Кыыс кэрэ Туруйа күнүүнү уйбаккаХомоппут доҕорун хонууга утутанКыһыыта-абата кыынньан кэлэнКылана түһээт-көҥүлгэ көппүтэ Уолан Туруйа уһукта биэрэнТулатын көрүнэн-сүрэҕэр ыттаранХаллааны хайытан, ыһыытаан-хаһыытаанМаардары, толоону барытын кэрийтэ Түүннэри-күннэри көтөрө, көрдүүрэАйманан-уйманан-аһыырын умнара,Сылайан-элэйэн хонуутун булбутаСуланан-кэлэнэн- сууллардыы түспүтэ! Кыыс кэрэ Туруйатус хоту барбытаСанааҕа-онооҕо ылларан иһэрэ,Туох эрэ буолбутун-сүрэҕэ сэрэйтэСуһаллык эргиллэн төптөрү көппүтэ! Хаалларбыт сиригэр хаһыытаан кэлбитэ-Хаарыаннаах доҕоро- харбыйан сытара…Кыратык кылатан-кыыкыныы үөрбүтэ,Тыынын былдьаһан “бырастыы”-диир […]
КИҺИ БУОЛБУТ ДЬОЛУМ

Кимиэхэ ананыай,Эппит этиим…Кимиэхэ хаалыай,Мин санаам… Тугу туһалыай,Тус көрүүм…Туох көрдөрүөй,Бүтүн олохпун. Ким кэпсиэй,Киһи туһунан…Хайдах туойуой,Дьылҕа оҥоһуутун. Оччоҕо, оччоҕунаБүгүн мин кимминий?Туох соруктаахАйыллан кэлбиппиний? Субу олоронАнааран көрдөххө:Хайдах эрэ тулам барыта,Олус күндү курдук… Көрөрүм-истэрим,Тыынарым, тыыннаахпын…Ыра санаам суоҕун кэриэтэ,Барыта баар, олох кэрэтэ… Харах уулаахОлоруом астынан…Кэмсиммэккэ харыстыам,Хас биирдии түгэни. Ол иһин бу баар эбит,Көрдөөбүт үтүө суолтам…Мин соҕотох олоҕум,Киһи буолбут дьолум. Эдуард […]