Умнуллубат түгэннэр

Өрөөбүт уоспун өһүлэммин
Өрүкүйэн кэпсиибин
Үөрбүт-көппүт түгэннэрбин,
Өйтөн- сүрэхтэн сүппэттэрин

Ойуур харыйатын кэрэтин
Оскуолаҕа аҕаларбыт
Оройугар кыһыл сулуһу
Олордоммут астынарбыт

Хаарчаанаҕа,Тымныы оҕонньорго-
Хаары таһан чиҥэтэрбит
Уран-мандар оҥоһуктарга
Умсугуйан үлэлиирбит

Ыра санаабыт ымыыта-
Ырыа курдук тахсара
Харах арахпат оҥоһуктара
Хаартан тахсан кэлэрэ

Кыра кылаастан кыттыһан
Кырааскалаан, кырыйан
Кумааҕыттан таһаарарбыт
Куруһуба арааһын

Умайар уот сулустаах,
Олус элбэх оонньуурдаах,
Ойуур кыыла-араастаах
Остуоруйаттан кэлбит-дьоруойдаах

Күөх харыйабыт тупсарын
Көрө-көрө үөрэрбит
Көхтөөх үлэ түмүгэ-
Көстөрө- оо,үчүгэйин!

Аны туран мааскабыт –
Атын туһунан эйгэбит
Араас буолан турарбыт –
Астык этэ -барыта!

Ким-кимэ биллибэтэ
Киирэллэрэ -көрүдьүөһэ,
Талаан тахсан кэлэрэ –
Таайтарыылаах да этэ!

Манна туох суоҕай –
Мааны кыыллар-саһыллар
Майгыта көммүт-бөрөлөр
Маҥан бэйэлээх-куобахтар

Олоҥхоттон бааллар
Ньургун Боотур бухатыыр
Алыс наһаа барыаҕын
Абааһы уолун маныыр

Күлэн-үөрэн саһыгыраан
Абааһы кыыһа күннүүр
Айыы кыыһын хаадьылаан
Араас буолан күллэртиир

Араас дойду оҕолоро
Алыс даа кэрэлэрэ,
Эйэлээхтик олорорго
Эрэмньи кыыма оонньуура

Модун Моруос оҕонньорбут
Хаарчааналыын киирэллэр,
Этэн-тыынан дьигиһитэр
Эҕэрдэтин этинэр!

Туйгун үөрэнээччи ааттанар
Туруу үлэһит хайҕанар
Анал бэлэх туттарар-
Ытыс тыаһа хабыллар!

Хаһыакка сууламмыт бэлэхтэрэ
Хас биирдиибитин булара
Харыс үрдээн сылдьарбытын-
Хаһан даа умнубаппын

Оччотооҕу кэмпиэттэр
Ордук курдук этилэрэ
Арааһыттан бааллара
Астык этэ-минньигэһэ!

Оҕо сааһым түгэннэрин
Уратылаах курдук этилэрин
Саныыбын ээ, саныыбын
Саҥа дьыл-кыымнарын!

Валерий Никифоров- Чигди

Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү