Соһуччугун, дьылҕа эн сытыыгын!
Дойдум амарах дьонун аһымматыҥ,
Тоҕо эмискэ харах уутун тохтуҥ?
Өссө да олоруохтаах олоҕу тохтоттуҥ…
Сордуугун, дьылҕа эн ытатаҕын!
Киһи тэбэр сүрэҕин хам тутаҕын,
Туох иһин дьоммун эрдэ ыҥырдыҥ?
Олох ситиитин былаҕайга быстыҥ…
Дьылҕа эн тохтоо, көрдөһөбүн…
Аймах билэ бар дьонум,
Өссө да өр олордуннар,
Уһун үйэлээх буоллуннар.
Ылыма, дьылҕа эн көтүтүмэ,
Күлэр-үөрэр күннэрин үлтүрүтүмэ.
Олохтон дуоһуйар хаарыан саастарын,
Быстахха бука диэн былдьатыма.
Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына
Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.