Нэһилиэкпит библиотекатыгар бэлэх кинигэ тиийэн кэллэ. Биир дойдулаахпыт, эдэр кэскиллээх ыччаппыт, Светлана Егорова- Сыдьаайар Кылыстаах дьоҕус кинигэтин бэлэх ыытта. Светлана Егорова оҕо эрдэҕиттэн суруйарга холонор, бу номнуо иккис хомуурунньуга буолар. Ону туоһулуур бу эһиги инньигитигэр сытар дьоҕус эрээри дьоһун ис хоһоонноох хомуурунньук. Светлана Егорова “Сэргэлээх уоттара” түмсүү кыттыылааҕа, түмсүү иһинэн талааннаах ыччат дьон хомуурунньуктарын бэчээккэ таһаарыыларыттан, бу кинигэ аан бастакы таһаарыылара. СВФУ саха салаатын “Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүүтэ айар тылга баҕалаах саҥаттан саҥа оҕону угуйар. Бу түмсүү “Ытыс саҕа кинигэ” саҕалааһыныгар Светлана Егорова- Сыдьаайар Кылыстаах суолу арыйар. Бу кинигэҕэ барыта 35 хоһоон киирбит, кинигэ үс балаһалаах, ол курдук бастакы балаһа “Олох оһуорун ойуулуубут”, иккис “Дьол туһугар”, үһүс “Кэрэни кэрэхсиир дьолум”. Кинигэ нэһилиэк библиотекатыгар ааҕааччыларын күүтэр.