Туолбут ый тоҥуй сыралыгар
Суолу ыйар тунал сырдыгар,
Кураанах суол омоонун устун
Хаамабын соҕотох чуумпуга.
Киэҥ куйаар чуумпуну иҺиллиир
Сулус эрэ сулустуун сэлэҺэр,
КиэҺээҥҥи нуҺараҥ сиэтиҺэр
Ситтэрбэт санаабын көтүтэр .
УҺун суол омоонун оҺуордаан
СаҺыарбыт күннэри хаамтарар ,
Туолбатах ырабын ситээри
Мин санаам эргийэ кылыйсар.
ДууҺаны уоскутар чуумпуга
Дьиримниир сулустаах халлааҥҥа
Мин санаам көҥүллүк көтүҺэр
Киэҥ куйаар күөнүгэр көччүйэр .
АҺаҕас сулустаах халлааҥҥа
Дьиктини эрэнэ кэтиибин,
Санаабын сааҺылыы кэпсиибин
Ырабын куйаарга ыытабын .
Харыстаана.
Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү