Илбис
Олоҥхо курдук омуннаан омолуттахха,
Сэһэн курдук сэгэтэн кэпсээтэххэ:
Аан дойду аарыгыран айыллыыта,
Орто дойду олоҕо оргуйан туруута,
Киһи буолуохтаах кэскилим сиригэр,
Саха буолар саргылаах дойдубар,
Адьарай тыын дьиккэрдэрэ,
Алдьархай ааннаабыттар,
Олох оҥоһуутун урусхаллаабыттар,
Тулалыыр айылҕаны айгыраппыттар,
Күтүр түөкүттэрэ ордугурҕаспыттар,
Үөдэн күлүктэрэ үөгүлэспиттэр эбит.
Мин диэтэх киһи алыс аһыйан алы гымматым,
Ордук уордайан тулуйан олорботум,
Илгистэн, тииһигирэн уһугуннум.
Дьолбун уһулан, үтүөбүн өһүлэн,
Куппун-сүрбүн быһах биитин курдук
Сытыылаан, чочуйан биэрдим.
Хабараан халлаантан хара былытым өрө хабыллан таҕыста,
Чаҕылҕаным хайа оҕуста, этиҥим ньиргиччи этилиннэ,
Туругум туругурда, уйулҕам уохтанна.
Илигирээн, илибирээн киирдэ,
Хойдубут хааммар илбиһим дьэ иҥэрилиннэ.
Тымырым сүүрээнэ күүһүрдэ,
Куоҕас хараҕыныы хараҕым кытарда…
Куйахпын кэтэбин, батаспын хостуубун
Аны мин харсабын, үтүөмсүйэн бүтэбин,
Албынтан тахсабын, кырдьыгы туойабын.
Көхсүбүн кэбийэр сиэмэхтэри,
Санаабын саппаҕырдар абааһылары,
Киэр кыйдыыбын, утары кыргыһабын,
Кылыс тылбынан сатарыыбын.
Хабыр тыыммынан хаһыытаан туран,
Олох охсор содулун тулуйуоҕум,
Будулҕаннаах уот кудулу байҕалы,
Өсөһөн туран туоруоҕум.
ХАРЫСХАЛЫМ БУОЛЛУН!
АРАҤАЧЧЫЛЫЫР БУОЛЛУН!
Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына