Ый бөрөтө

Кыһыҥҥы түүн тымныйыыта,
Ыйдаҥам уота угуйар,
Тунаархай ый туолуута,
Мин кутум бөрөлүү улуйар.

Тоҕо соҕотохсуйан бөрөҕө кубулуйдум?!
Туох иһин ый диэки көрөн улуйдум?!
Бу хабараан дойдуттан тугу булаары,
Оргуйар олох үөһүгэр умустум…

Оо, ыйым барахсан…
Бытарҕан дьыбары хайыта көтөммүн,
Эйиэхэ талаһан тиийиэхпин
Көрүөм этэ буоллаҕа, туналыйбыт дойдубун үөһээттэн…

Тула эйгэм-тыйыс тыын…
Сүпсүлгэннээх мөккүөрдэр,
Сыл-хонук эргииринэн
Чысхаанныы иһирэн ааһаллар.

Тулабын хаарыйар туман,
Сүтүөм мин барытын умнан…
Орто дойду үлүскэннээх моргуоругар,
Дьолбун көрдүү сырыттаҕым…

Арай, ол кыраман халлааны
Хантайан көрдөхпүнэ,
Хайдах эрэ ыйым миигин ыҥырбыттыы
Туртайан көстөрүҥ.

Хаҕыс тыыммын бурҕатан,
Кый ыраахха талаһан,
Эйиэхэ уйдаран тахсаары,
Соҕотох улуйа турарым…

Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына

Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.