Дальняй рейс суоппардара- Владислав Васильевич Аталларовтыын кэпсэтии

Владислав 1958 сыл сэтинньи 24 күнүгэр Сургуулук нэһилиэгэр Аталларовтарга (Василий Софронович, Константинова Зинаида Никитична) бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Кэлин аҕыс оҕо, ол иһигэр икки кыыс, төрөөбүттэрэ. Слава 1975 сыллаахха Дүллүкү аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ уонна үргүлдьү Намнааҕы СПТУ-га үөрэнэ киирбитэ. Биир сыл үөрэнэн, суоппар-слесарь идэтин ылбыта. Биир сыл совхоз директорын (Филиппов Сидор Афанасьевич) массыынатын суоппарынан үлэлээн […]

МАХТАЛ СУРУК

Ытыктабыллаах РЦММБ быраастарыгар уонна биригээдэ салайааччытыгар Егор Васильевич Николаевка! Дүллүкү нэһилиэгин олохтоохторун ааттарыттан доруобуйабыт туругун көрө-истэ кэлэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ көмө оҥорбут истиҥ үлэҕитигэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Эһиги, Егор Васильевич, салайан, элбэх быраас кэлэн, нэһилиэнньэҕэ ыыппыт үлэҕит олус улахан суолталаах. Доруобуйаны харыстааһын киһи олоҕор саамай кэрэ кэһии буолар. Кэлэр үлэҕитигэр бары кэрэни, үтүөнү, доруобуйаны уонна ситиһиилэри баҕарабыт! […]

Оскуолаҕа бастакы дискотекалар.

1984с. дылы оскуола иһигэр ыытыллар биэчэрдэр (клубка даҕаны) оччотооҕу сиэринэн борустуой пластинкалаах биир проигрыватель көмөтүнэн ыытыллаллар этэ.Мин ити кэмҥэ культпросвет училищены бүтэрэн кэлэн, оскуолаҕа лаборанынан үлэлиирим. Уроктарга темаларыгар аналлаах киинэлэри ,,Украина”- диэн кыра школьнай кинопроекторынан үгүстүк көрдөр этим. Оҕолор оһуоба история уруоктарыгар көстөр сэриилээх киинэлэри сөбүлээччилэр. Дьэ ол сылдьан арай идея киирдэ. Бу оҕолорго аныгы […]

“Тыа сирин сайына” – Саха сирин ырыатын килбэйэр сулуһа

Саха сиригэр киэҥник биллэр, таптанан ылланар “Тыа сирин сайына” ырыа айыллыбыт, киэҥ эйгэҕэ тахсыбыт устуоруйата дьону куруук интэриэһиргэтэр. Бу ырыа ситэн- хотон тахсарыгар – поэт Васильев Николай Васильевич – Харыйалаах уола, мелодист Галина Шахурдина уонна ырыаһыт Александр Дьячковскай – Саарын – улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ. Галина Шахурдина, САССР мелодистарын сойууһун чилиэнэ, САССР уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын […]

Дүллүкү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үтүөлээх учуутал Николаев Владимир Николаевич туһунан

Дүллүкү орто оскуолатыгар үгүс сылларга оҕо-ыччат иитиитигэр улахан болҕомтотун ууран үлэлиир учууталбыт, Дүллүкү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Николаев Владимир Николаевич үлэтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ холобур буолар.Владимир Николаевич 1969 сыллаахха Далыр орто оскуолатын бүтэрбитэ. Ол кэннэ Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта, Владивосток куоракка муора флотугар бойобуой иэһин толорбута. 1971 сыллаахха сулууспатыттан босхоломмута.1976 сыллаахха Намнааҕы педагогическай училищетын […]

#cилакниги

«Сила книги» — это традиционная сетевая и межрегиональная акция, приуроченная к Общероссийскому дню библиотек. Главная цель — популяризация чтения, продвижение библиотек и привлечение внимания общественности к культуре. Суть акции заключается в том, что известные люди, общественные деятели, представители СМИ и читатели собираются в стенах библиотек для совместных чтений, обсуждений и презентаций книг. В нашем наслеге центральным […]

Оскуолабыт барахсан

Сотору 2028 сылга нэһилиэккэ оскуола арыллыбыта төгүрүк 100 сылын туолуохтаах уонна бу турар оскуолабыт тутуллан үлэҕэ киирэн, үөрэх-билии аартыгар оҕолору ыҥыран киэҥ ааннарын тэлэччи арыйбыта үйэ аҥаардаах кирбиитин быһа үктээн ааһан эрэринэн сибээстээн ити ааспыт 50 сыл кэрчик кэм иһигэр араас идэлэргэ үлэлээн-хамнаан ааспыт техүлэһиттэрбитин кыратык ахтан санаан ааһар тоҕоостоох дии саныыбын, ол курдук. Тырахтарыыстар. […]

“Кэтэһээр Дүллүкүм”

Индиана Феофанова тыллара, Александр Дмитриев- Таммах дьүрүлэ, толоруута. Дүллүкү нэһилиэгин айылҕатын кэрэ көстүүтүн олохтоохтор хаартыскаҕа түһэриилэрэ. Таҥан оҥордо Нина Ильина

Ыам ыйын 19 күнэ- Пионерия күнэ

Ыам ыйын 19 күнэ — Бүтүн сойуустааҕы В.И. Ленин аатынан пионерскай тэрилтэ күнэ (Пионерия күнэ). Бу күн 1922 сыллаахха Бүтүн Россиятааҕы хомсомуол кэмпириэнсийэтигэр пионер этэрээттэрин тэрийэр туһунан уураах ылыныллыбыт. Сэбиэскэй кэмҥэ бу күн олус үөрүүлээхтик бэлиэтэнэрэ:  Билигин даҕаны бу бэлиэ күн үтүө үгэс быһыытынан умнуллубат. Саха сирин араас муннуктарыгар бу интэриэһинэй күнү кытта сибээстээх ахтыылар, тэрээһиннэр ыытыллаллар. […]

Үтүө дьон туһунан кэпсиибит

Тыыл уонна педагогическай үлэ ветерана, методист-учуутал, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, Саха республикатын үтүөлээх учуутала, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина, национальнай «Барҕарыы» фонда лауреата, Саха Республикатын суруйааччыларын союһун чилиэнэ.Петр Поликарпович Одорусов Үөһээ Бүлүү улууһун Иккис Үөдүгэй нэһилиэгэр 1931 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр төрөөбүтэ. 1955 сыллаахха Дьокуускайдааҕы государственнай пединститут естествознание факультетын бүтэрэн 1955-56 сс. үөрэх сылыттан Исидор Барахов аатынан орто оскуолаҕа химия […]