Дальняй рейс суоппардара- Владислав Васильевич Аталларовтыын кэпсэтии

Владислав 1958 сыл сэтинньи 24 күнүгэр Сургуулук нэһилиэгэр Аталларовтарга (Василий Софронович, Константинова Зинаида Никитична) бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Кэлин аҕыс оҕо, ол иһигэр икки кыыс, төрөөбүттэрэ. Слава 1975 сыллаахха Дүллүкү аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ уонна үргүлдьү Намнааҕы СПТУ-га үөрэнэ киирбитэ. Биир сыл үөрэнэн, суоппар-слесарь идэтин ылбыта. Биир сыл совхоз директорын (Филиппов Сидор Афанасьевич) массыынатын суоппарынан үлэлээн баран, Советскай армияҕа сулууспалыы барбыта. Читинскэй уобалас гарнизонун начальнигын УАЗ легковойунан таскайдаабыта, эбиитин баһаарынай чаас массыынатын ЗИЛ- 131суоппарынан сылдьыбыта.

         Төннөн кэлэн, совхозка бастаан вулканизаторынан, онтон дизелиһынан, суоппарынан үлэлээбитэ. Онтон МСО-ҕа бастаан кочегарынан, салгыы ЗИЛ- бортовойга кузовын устан баран, лесовозтаабыта.     Инньэ гынан Дүллүкүгэ СДК,арболитовай дьиэлэри, пекарняны, деткомбинат комплексын, Боотулууга СДК дьиэлэрэ тутуллууларыгар сылдьыбыта. МСО эстибитигэр “Сосна” кооперативка (начальник Абрамов Александр Николаевич) тутуу ыытыллыытыгар суоппардаабыта.

         1996 сыл сааһыттан Үөһээ-Бүлүү улууһун администрациятыгар Баһылык Чалбанов Михаил Самсоновичка сыл курдук суоппардаабыта. Онтон Дүллүкүтээҕи участковай балыыһаҕа түргэн көмө массыынатыгар суоппарынан сүүрбэччэ сыл үлэлээн баран, пенсияҕа тахсыбыта. Бу үлэлиирин тухары идэлээх союзтар профкомун председателинэн айымньылаахтык үлэлээбитэ:         балыыһа үбүлүөйүн тэрийбитэ, кинигэ таһааттарбыта. Элбэх махтал суруктаах, грамоталардаах.

         2012-2017 сс. нэһилиэк сэбиэтин депутатынан талыллан, солбуйааччы председателинэн биир быыбарга үлэлээбитэ, иккис быыбарга бюджет комиссиятын председателинэн үлэлээбитэ.

         1987 сылтан оҕолору ырыаҕа үөрэтэн, оскуола оҕолорун улууска хаста да, республикаҕа, Россияҕа илдьэ сырытта уонна куруутун лауреат аатын элбэхтик ылалларын хааччыйбыта. Уон сыл итинник үлэлээн, “За вклад в развитие народного художественного творчества РС(Я)” бочуотунай знак (министр Борисов А.С.) ылар чиэскэ тиксибитэ.

         1985 сыллаахха Иенграттан төрүттээх, омугунан эбэҥки Розалиялыын ыал буолбуттара уонна түөрт оҕоломмуттара. Сардаана Үөһээ-Бүлүүгэ олорор, үс оҕолоох, Рустам Мэҥэ-Хаҥаласка ыал, Марфалыын үс оҕолоохтор, Аэлита Леханова – менеджер, биир оҕолоох, Роксана куоракка үөрэнэр, кэргэннээх.