Тыыл уонна педагогическай үлэ ветерана, методист-учуутал, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, Саха республикатын үтүөлээх учуутала, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина, национальнай «Барҕарыы» фонда лауреата, Саха Республикатын суруйааччыларын союһун чилиэнэ.Петр Поликарпович Одорусов Үөһээ Бүлүү улууһун Иккис Үөдүгэй нэһилиэгэр 1931 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр төрөөбүтэ. 1955 сыллаахха Дьокуускайдааҕы государственнай пединститут естествознание факультетын бүтэрэн 1955-56 сс. үөрэх сылыттан Исидор Барахов аатынан орто оскуолаҕа химия учууталынан сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээбитэ.
Бүгүн Дүллүкү орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччилэригэр “Үтүө дьон туһунан кэпсиибин” библиотечнай уруок ыытылынна. Уруогу саха тылын уонна литературатын учуутала Антонина Ивановна Афанасьева ыытта. Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката бэлэмнээн ыыппыт материалларыгар олоҕуран Петр Поликарпович олоҕун, айар үлэтин туһунан сиһилии кэпсээтэ. Түмүккэ автор саамай биһирэммит, «Тыыннаахтар умнубат сыллара» Н. И. Бойлохов мелодията, Улуу Кыайыы 40 сылын чиэһигэр 1985 сыл ыам ыйыгар ССРС Композитордарын Союһун маҥнайгы секретара, Социалистическай үлэ Геройа, композитор Тихон Николаевич Хренников илии баттааһыннаах ССРС Композитордарын Союһун дипломунан наҕараадаламмыта, ХХ үйэ чулуу 100 ырыаларын ахсааныгар киирбит ырыаны ыллаан иһитиннэрдилэр.