Саха сиригэр киэҥник биллэр, таптанан ылланар “Тыа сирин сайына” ырыа айыллыбыт, киэҥ эйгэҕэ тахсыбыт устуоруйата дьону куруук интэриэһиргэтэр. Бу ырыа ситэн- хотон тахсарыгар – поэт Васильев Николай Васильевич – Харыйалаах уола, мелодист Галина Шахурдина уонна ырыаһыт Александр Дьячковскай – Саарын – улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ.
Галина Шахурдина, САССР мелодистарын сойууһун чилиэнэ, САССР уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската, Николай Васильев “Тыа сирин сайына” диэн хоһоонугар сүрэҕинэн-быарынан ылан мелодия айбыта. Ол мелодияны, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Александр Дьячковскай – Саарын бэйэтигэр сөптөөхтүк, истиҥник уонна иэйиилээхтик толорон, ырыа Саха сирин сэҥээрээччитигэр киэҥник билиннэ. Сыл ахсын Ньукуола күнүгэр араадьыйаҕа иһитиннэрэн, дьон бу ырыаны куруук ахтан-санаан, сөбүлээн истэрин көрдөрөр.
Поэт Николай Васильев – Харыйалаах уола айар үлэтэ сүрдээх киэҥ хабааннаах. Кини 20-тэн тахса хоһооно ырыа буолан айыллан, Саха сирин бастыҥ ырыаһыттара, сулустара толороллор. Кини хоһооннорун хомуурунньугунан үс кинигэ тахсыбыта. Ону таһынан, Николай Васильев айымньылара бэчээккэ тиһигин быспакка тахсаллар, уонна Арассыыйа литературнай хаһыаттарыгар эмиэ бэчээттэнэллэр.
Николай Васильев талаана хоһоон айыытынан эрэ муӈурдаммат. Кини атын омук суруйааччыларын хоһооннорун тылбаастыыр уонна саха хоһооннорун атын тылларга тылбаастатарга көмөлөһөр. 2026 сылга Кытайга ыытыллыбыт Поэзия киинэлэрин 3-с төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларыгар буолбут бэстибээлигэр ” Бастыӈ поэтическай киинэ” номинацияҕа кыайыылааҕынан буолбута.
Бу кини айар талаана, уран тыла уонна киинэ искусствотын дьүөрэлээн, дириӈ ис хоһоонноох айымньыны оӈорон аан дойду таһымыгар билиниллибитин туоһута. Арассыыйабыт аатын, Сахабыт сирин поэзиятын үрдүктүк ааттатан, бэстибээл специальнай ыалдьытын быһыытынан кыттыбыта уонна бу үрдүк наҕарааданы ылбыта – биһиги барыбыт киэн туттуубут.
Кини талаана, айар дьоҕура Сахабыт сирин культуратын сайдыытыгар сүдү оруолу оонньуур.
Нина Ильина
Дүллүкү