Дүллүкү нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 81 сыла үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтэннэ

Ыам ыйын 9 күнэ. Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дүллүкү нэһилиэгэр Аҕа дойду Улуу сэриитин 81 сыллаах Кыайыы күнэ киэҥ далааһыннаахтык уонна үөрүүлээхтик бэлиэтэннэ. Нэһилиэк олохтоохторо, араас тэрилтэ үлэһиттэрэ уонна оскуола оҕолоро биир кэлим буолан, сэлэлии хааман Дьоҕус пааркаҕа муһуннулар.Үөрүүлээх чаас Дүллүкү нэһилиэгин аҕа баһылыга Николай Романов Кыайыы күнүнэн истиҥ эҕэрдэтиттэн саҕаланна. Кини тылыгар сэриигэ […]

Албаннаах ааттара ааттанар

Хонуктар ааһалларЫраата бараллар,Бэтэрээн ахсаанаАҕыйыыр сыллата. Ол эрэн сүрэххэАаспаттык сөҥнөҕөСып- сырдык мөссүөннэрСүппэттик көстөннөр. Үйэттэн үйэҕэСиэннэргэ тиксиһэ,Албаннаах ааттараАхтылла ааттанар. Кэриэстээн ааһыаҕыҥСанньыйан ылыаҕыҥ,Сибэкки дьөрбөтүнМахтана ууруоҕуҥ. Уо хаһан даҕаныУот сэрии буолбатын!Өрүүтүн чэчирииТуруохтун күн сирэ! Акулина Христофорова- Сайар Кут Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү

Кэриэстээн санньыйан ылыаҕыҥ

Уоттаах сулус анныгарУматан чүмэчи тутаммытБука бары тахсыаҕыҥБааралаһа сэлэлии хаамсыаҕыҥ. Тиийиэҕиҥ монумен иннигэрБуойуннар албан ааттарыгар,Улуу кыайыыны уһансыбытӨлбөт – сүппэт кэриэстэригэр. Чуумпура иһийэн тураммытӨлбүттэр ааттарын ахтыаҕыҥ,Уматан чүмэчи уураммытМахтал тылларын этиэҕиҥ. Кэккэбитигэр аны суохтарКырдьаҕас бэтэрээн дьоннорбут,Төбөнү хоҥкутан тураммытКэриэстээн санньыйан ылыаҕыҥ. Хааллаҕа үгүс сүрэххэӨлбөт – сүппэт ааттараӨлбөөрбөт үтүө өйдөбүлҮүнэр көлүөнэ ыччакка. Сайар Кут. Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.

КЫАЙЫЫ күнүн көрсө

Ыам ыйын 7 күнүгэр Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы 81 сылын бэлиэтии Дүллүкү нэһилиэгин орто оскуолатын учууталларыгар уонна үөрэнээччилэригэр, нэһилиэк библиотеката уонна оскуола библиотеката холбоһуктаах “Кыайыы. Биллэрэр-көрдөрөр историческай лотуо” оонньуутун тэрийэн ыыттыбыт. Остуол оонньуутун автора Нам улууһун Көбөкөн нэһилиэгин библиотекара Февронья Бочкарева. Оонньуу сүрүн быраабылата, остуол оонньуута Аҕа дойду Улуу сэриитин, анал байыаннай дьайыы историятын […]

Уу чугаһа ордук…

Кинигэ түөрт түһүмэхтээх: Бастакыта: Дүллүкү нэһилиэгин күөллэрин ааттарын быһаарыылара (топонимиката), өтөхтөрө, кимнээх олорбуттара, сорох күөллэргэ хайдах бултанара. Иккиһинэн: Саха сиригэр автономия олохтонон тыа сиригэр дьайыытын туһунан Дүллүкү нэһилиэгин олоҕор тирэҕирэн, пьеса- концерт. Үсүһүнэн: “Сатабыллаах чэйдэтии” фельетон. Төрдүһүнэн: Сылларынан нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторун олохторо киирдилэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Саха тыла түүрдүү тыллаах омуктартан тахсыбыт тыл буолар. […]

Дьоруой сардаҥата

Бүгүн, ыам ыйын 7 күнэ — биһиги улууспутугар Дьоруойдар күннэрэ! Улууспут сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит, эйэлээх олоххо уонна байыаннай дьайыылар кэмнэригэр халбаҥнаабат хорсун быһыыларын уонна эр санааларын көрдөрбүт биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын үйэтитэр сыалтан бу күнү былырыын улууспут баһылыга Валерий Валерьевич Николаев илии баттаан уураах таһааран олохтообута. Бу күн  – Аҕа дойдубут иннигэр хорсуннук сэриилэспит, […]

Өйдүүбүт!Махтанабыт!Сүгүрүйэбит! / [ хомуйан оҥордулар: “Дүллүкү нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии дьаһалтата уо.д.а. ; киирии тылы суруйда Е.А.Николаев]. – Дьокуускай : Офсет, 2020.- 320 с. : ил. Кинигэҕэ Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара, бибилэтиэкэрдэр, олохтоох нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ араас сылларга сэрии кыттыылаахтарыттан, үлэ фронун, тыыл үлэһиттэрин, сэрии сылын оҕолоруттан ылбыт ахтыылара киирдилэр. Дүллүкү нэһилиэгиттэн Аҕа дойду сэриитигэр төрөөбүт […]

СААС КЭЛЭН

Үөр туллугу соһуччу көрөммүнОҕобор түһэммин ойуолуох курдукпун,Эриэккэс, эйэҕэс чырыбы истэмминЭдэрбэр түһэммин эккириэх курдукпун. Саас кэлэн- үөрүүбүт үрдүүрүнСүрэххэ тиийэрдии-мин хайдах этиэмий,Барылыы-күрүлүү-дьиримнии устарынБарыта кэрэтин-мин туохха тэҥниэмий!? Хас көстүү хартыына курдугунСоһуччу бэлэҕин-сонургуу көрөбүнТыын уган -хоһуйа түһүөхпүнТылым тиийбэт-сорун көрсөбүн Туруйа хаһыытын эмискэ истэмминТурууктуур уруйун-тута эппэтим,Сааскы сарсыарда-сатарыыр айхалынСаҥа аллайан-сатаан эппэтим. Ол кэми, ол түгэни аһардан кээспэккэИэйиибин киллэрэ- иһийэн хаалабын,Омуммар, төлөммөр-сыыһа […]

Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ

Бүгүн, Дүллүкү орто оскуолатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит күнүн бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн уонна дойдубутугар “Сомоҕолоһуу”, өрөспүүбүлүкэбитигэр “Култуура”, улууспутугар “Үөрэҕирии” сылларыгар анаан оҕолорго кэтэхтэн “Символы Якутии: Я патриот” өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Х төгүлүн ыытыллар кэтэхтэн олимпиада ыытылынна. Кыттыыны ыллылар 3,4 уонна 8 кылаас оҕолоро. Ону таһынан оскуолабыт учууталларыгар өрөспүүбүлүкэбит туһунан ыйытыктардаах “Бэйэ оонньуута” ыытылынна. Барыта 2-лии кыттааччылаах 4 […]