Дүллүкү орто оскуолатыгар үгүс сылларга оҕо-ыччат иитиитигэр улахан болҕомтотун ууран үлэлиир учууталбыт, Дүллүкү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Николаев Владимир Николаевич үлэтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ холобур буолар.
Владимир Николаевич 1969 сыллаахха Далыр орто оскуолатын бүтэрбитэ. Ол кэннэ Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта, Владивосток куоракка муора флотугар бойобуой иэһин толорбута. 1971 сыллаахха сулууспатыттан босхоломмута.
1976 сыллаахха Намнааҕы педагогическай училищетын учуутал идэтин үөрэнэн бүтэрбитэ. Ол сыл Дүллүкү орто оскуолатыгар учууталынан ылыллыбыта, өр сылларга черчение уонна НВП уруогун учууталынан үлэлиир. Күн бүгүнүгэр дылы таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар.
Владимир Николаевич, «Десантник» парашют кулуубун салайааччыта, 38 сыл устата эдэр ыччат ортотугар тиһигин быспакка актыыбынай үлэни ыытар. Кини оҕолору этин-сиининэн сайдыылаах, өйүнэн-санаатынан бөҕө туруктаах, ыарахаттарынан куттаммат, хорсун киһи буола улааталларыгар көмөлөһөр.
Николаев Владимир Николаевич үтүө суобастаах үлэтин иһин элбэх бочуоттаах наҕараадалардаах:
- Дүллүкү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
- Арассыыйа Федерациятын «Арассыыйа патриота» өйдөбүнньүк мэтээлэ.
- 2018 сыллаахха «Арассыыйа Федерациятын Оборонатын Министиэристибэтин байыаннай комиссариаттарын 100 сыла» мэтээлэ.
- 2019 сыллаахха «Илин байыаннай уокурук 100 сыла» мэтээлэ.
- 2019 сыллаахха «Арассыыйа ДОСААФ 90 сыла» мэтээлэ.
- «Афганистаҥҥа 40-с аармыйа соруктарын толоруу 30 сыла» юбилейнай мэтээлэ.
- 2009 сыллаахха РОСТО (ДОСААФ) Киин Сэбиэтин «Сэбиэскэй Сойуус үстүүт Геройа А.И.Покрышкин» мэтээлэ.
- 2015 сыллаахха «Ытык учуутал» бочуоттаах бэлиэтэ.
- 1986 сыллаахха СССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл.
- 2018 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Үтүөлээх учуутала» бочуоттаах аат.
Владимир Николаевич олоҕун устата ыччаты иитиигэ уонна дойдуга бэриниилээх буолууга үөрэтэр. Кини кэнчээри ыччакка холобур буолар.Нина Ильина Дүллүкү