Ытыктабыллаах РЦММБ быраастарыгар уонна биригээдэ салайааччытыгар Егор Васильевич Николаевка!
Дүллүкү нэһилиэгин олохтоохторун ааттарыттан доруобуйабыт туругун көрө-истэ кэлэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ көмө оҥорбут истиҥ үлэҕитигэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
Эһиги, Егор Васильевич, салайан, элбэх быраас кэлэн, нэһилиэнньэҕэ ыыппыт үлэҕит олус улахан суолталаах. Доруобуйаны харыстааһын киһи олоҕор саамай кэрэ кэһии буолар.
Кэлэр үлэҕитигэр бары кэрэни, үтүөнү, доруобуйаны уонна ситиһиилэри баҕарабыт! Салгыы да дьоҥҥо көмөлөһөр үтүө дьыалаҕыт чэчирээн, дьолу эрэ аҕаллын.
Нина Ильина
Дүллүкү