Оскуолаҕа бастакы дискотекалар.

1984с. дылы оскуола иһигэр ыытыллар биэчэрдэр (клубка даҕаны) оччотооҕу сиэринэн борустуой пластинкалаах биир проигрыватель көмөтүнэн ыытыллаллар этэ.
Мин ити кэмҥэ культпросвет училищены бүтэрэн кэлэн, оскуолаҕа лаборанынан үлэлиирим. Уроктарга темаларыгар аналлаах киинэлэри ,,Украина”- диэн кыра школьнай кинопроекторынан үгүстүк көрдөр этим. Оҕолор оһуоба история уруоктарыгар көстөр сэриилээх киинэлэри сөбүлээччилэр.
Дьэ ол сылдьан арай идея киирдэ. Бу оҕолорго аныгы кэм быһыытынан обычнай биэчэрдэр оннуларыгар
,, дискотека”- диэни ыытан көрүөххэ баар этэ – диэн ис санаабын энтузиаст учуутал Лукинов Гаврил Константиновичка этиммитим. Киһим тута үөрэ-көтө сөбүлэһэн өйүүрүн биллэрэн үөрдүбүтэ.
Кини ити кэмҥэ ВИА группа тэрийэн үлэлэтэр буолан оҕолорго лаппа чугас киһиннэн биллэрэ.
Таарыйа эттэххэ, кэлин ол группаттан Саргылана Бугулова, Николай Ильин, Алексей Чоросов, Маргарита Данилова курдук биллэр ырыаһыттар үүнэн тахсыбыттара.
Дьэ итиччэ поддержка ылан баран, дьиэбиттэн магнитофон илдьэн, эбии эргэ-урба аппаратуралары ремоннаан, цветовой эффект биэрэр уот-күөс оҥоро охсон оскуола историятыгар маҥнайгы шоу дискотеканы сэтинньи ортотугар ыытан оҕо аймах биһирэбилин ылбыппыт. Учууталлар да сэргээбиттэрэ, хайҕаабыттара.
Онтон салгыы директор Иван Данилович Семенов, завуч Платонида Семеновна Петрова икки илиилэринэн өйөөннөр аппаратурам, уотум-күөһүм элбээн байан барбытым. Бэл совхозтаах эдэр ыччатар оскуолаҕа үҥкүүлүү киирээри суббота хаһан буоларын кэтэһэр буолтара.
Аны интернатка воспитателлар больничнайга бардахтарына миигин заменаҕа диэн таһаарааччылар. Кырыкыйтан, Хомустаахтан кэлэн 40-ча оҕо олорооччу.
Уонна сэрэтэллэр
сарсыарда ыараханнык уһуктан турар оҕолор бааллар, олору туруортаан оскуолаларыгар ыыталыы сатаар -диэн.
Оччону истэн баран миэхэ эмиэ атын идея көтөн түһэр. Сарсыарда ааттаах эрдэ оҕолор утуйа сыттахтарына, оскуолаттан улахан колонкалаах усилитель көтөҕөн-сүгэн марайан киллэрэн, түргэн тэтимнээх эстраднай ырыалары интернаты биир гына тоҕо тардан кээһэбин. Ол үлүгэрдээх улахан музыка тыаһыгар туох оҕото утуйан оҥторо сытыай, начаас соһуйан-өмүрэн ойуоккалаһан турааччылар.
Заменам бүппүтүн кэннэ кэлин оскуолаҕа көрсөн оҕолор аны ыйыталаһар буолбуттара ,,Иванович биһиэхэ интернатка хаһан воспитателлыы тахсаҕыный”– диэн.

Кыра кылгас ахтыыны суруйда
Сэргэй Дьөгүөрэп.
02.06.2026