ОПТУОРУННЬУК-ДОРУОБУЙА КҮНЭ

Бүгүн, балаҕан ыйын 15 күнүгэр, улууспут үрдүнэн хас оптуорунньук ахсын ыытыллар “Доруобуйа күнэ” үһүс сезона үөрүүлээхтик арылынна.Дүллүкү нэһилиэгэр сарсыардааҥы зарядка Оскуолаҕа уонна Оҕо уһуйааныгар ыытылынна. Онтон күнүс 15:00 чаастан нэһилиэнньэ олохтоохторугар А.И. Устинов аатынан спортзалга салҕанна.Доруобуйа күнүн үөрүүлээх арыллыыта спортинструктор И.С. Мордовской салайыытынан саҕаланна. Мустубут дьону Дүллүкү нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта В.В. Софронов эҕэрдэлээтэ.Ол кэннэ эти-хааны […]
БАРСЫЫЙ МИИГИННИИН

Көрүөҥ буолаарайКүн саҕахха киириитин,Истиэҥ буолаарай,Тула айылҕа сипсиэрин… Онтон мин баҕарабын,Барытын умнуохпун,Дьоллоох кэрэ түгэҥҥэЭн аттыгар буолуохпун. Куотуоххарыый иккиэнБу дойдуттан ыраах…Көрүөххэриий бииргэОл кыыһар саһарҕаны. Сүүрүөххэриий күлэ-үөрэКүөх сыһыы устунан тэҥҥэ,Көтүөххэриий сулустарга,Туолбут ый сырдыгар… Тахсыаххарыый былыттарга,Сылаас салгыҥҥа уйдаран…Батыһыаххарыый күн уотун,Мичилийэн ылан сиэтиһэн. Хаалыаххарыый онно өрүү,Ким да тиийбэт дойдутугар,Барсыый миигинниин,Истиҥник саныыр сэгэрим… Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.
РОССИЯ- дом народов

Всероссийский диктант «Россия — дом народов» проходит в честь Дня языков народов Российской Федерации и посвящен Году единства народов России. Главная цель акции — популяризация многоязычия, поддержка интереса к изучению государственного языка РФ и языков народов страны, а также укрепление гражданского мира и межнационального согласия. Текст диктанта в 2026 году включает специально адаптированные и переведенные […]
Балаҕан ыйын 3 күнэ — Арассыыйаҕа Милитаристскай Японияны кыайыы уонна Иккис аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнэ

Балаҕан ыйын 3 күнэ — Арассыыйаҕа Милитаристскай Японияны кыайыы уонна Иккис аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнэ буолар. Дүллүкү орто оскуолатын “Школьный дозор” быыҺыыр этэрээти нэҺилиэк библиотекара Яна Октябровна Борисова ыҥыртаан, бу күн киһи аймах устуоруйатыгар саамай хааннаах, улахан сэрии уонна уот кураан тохтообут ытык бэлиэ даатата урусхаллаах устуоруйанан суруллубутун туҺүнан кэпсээтэ. Сэрии түмүктэниитин устуоруйата Капитуляция […]
Дүллүкүгэ “Аал луук мас” тутуута саҕаланна: Олохтоохтор улахан былааннара олоххо киирэр!
Бүгүн, от ыйын 27 күнүгэр, Дүллүкү олохтоохторугар үөрүүлээх күн үүннэ. ППМИ бырагырааматынан олоххо киирэр “Аал луук мас” диэн тутуу үлэтэ ситиһиилээхтик саҕаланна.Бу кэрэ тутууну олоххо киллэрэр үлэни “Ярстрой” тэрилтэ салайааччыта Юрий Яроев бэйэтинэн саҕалаата. “Аал луук мас” – Дүллүкүгэ саҥа тыыннаах саҕаланыы буолуоҕа, олохтоохторго кэрэ кэскили түстүөҕэ диэн эрэл улахан.Бу проект нэһилиэк сайдыытыгар саҥа кэрдиис […]
Дьиэ кэргэн уонна бэриниилээх буолуу күнэ эҕэрдэ тыл

Ытыктабыллаах Тарасовтар Михаил Ивановичка уонна Любовь Николаевнаҕа! Дүллүкү нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан эһигини “Кэрэ таптал уонна бэриниилээх буолуу” (“Любовь и верность”) Российскай бэлиэтинэн наҕараадаламмыккытынан ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!Бу наҕараада эһиги дьиэ кэргэҥҥит бөҕө-таҕа, сырдык тапталын, ытыктабыллаах сыһыанын уонна олоххо бэриниилээх буолуугун туоһута буолар. Эһиги уһун сылларга бииргэ олорбут олоххут, ытык сыаннастары тутуһуугут, кэлэр көлүөнэҕэ улахан холобур.Дьиэ […]
Үтүө сонун! Чулуу суруйааччыбыт Владимир Николаев төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан улахан бырайыак олоххо киирэр!

Бүгүҥҥү күҥҥэ, 2026 сыл бэс ыйын 28 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү нэһилиэгэр саха норуотун чулуу уолун, биир дойдулаахпыт, талааннаах журналист, литератор, хоһоонньут, переводчик Владимир Тимофеевич Николаев үбүлүөйүн көрсө улахан бырайыак саҕаланна. 2028 сылга төрөөбүтэ 100 сылын туолар бэлиэ датаҕа бэлэмнэнэн, МБУ КДУ “Дүллүкү нэһилиэгэ” базатыгар “Перекресток языков и культур: Владимир Николаев” диэн ааттаах ураты […]
Дүллүкү нэһилиэгин 115 сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕа үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна

Дүллүкү, бэс ыйын 19 күнэ.— Дүллүкү нэһилиэгэ төрүттэммитэ 115 сыллаах үбүлүөйүнэн, быйылгы Үрүҥ Тунах Ыһыах ытык түһүлгэтэ үрдүк тэрээһиннээхтик, өрөгөйдөөхтүк ааста. Төрөөбүт дойдуларыгар тапталлаах Дүллүкүлэрин, ыраахтан-чугастан мустубут ыалдьыттары кытта, нэһилиэктэрин кэрэ кэскилин кэпсэттилэр.Ыһыах арыллыытын сиэрин-туомун Култуура сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ Дүллүкү нэһилиэгин төрүттэммит историятыттан саҕалаан, олус дириҥ ис хоһоонноох театрализованнай дьүһүйүүнү туруордулар. Бу дьүһүйүүгэ элбэх улахан […]
Начало войны

“Дальше была война” фотографии начала Великой Отечественной войны из фондов государственных архивов также в стенах библиотеки представлена книжно- иллюстрированная выставка “Мы этой памятью живем”
ССРС культуратын туйгуна, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Иннокентий Афанасьевич Бороновка ахтыы

Дүллүкү нэһилиэгэр улахан ытыктабылынан ааттанар, биһиги күтүөппүт Боронов Иннокентий Афанасьевич – ССРС культуратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ. Кини төрөөбүт сирэ Бүлүү улууһун Тоҕус нэһилиэгэ эрээри, Дүллүкүгэ олорон, нэһилиэк культурнай олоҕор улахан кылааты киллэрбитэ. Иннокентий Афанасьевич Дүллүкү кулуубун сэбиэдиссэйинэн үлэлээн олордоҕуна, кини салайыытынан үлэлээбит Никифоров Яков Иванович ол кэми ахтан-санаан, бэйэтин сырдык ахтыыларын кэпсиэҕэ. […]