Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнэ
Балаҕан ыйын 25 күнүгэр нэһилиэк библиотекатыгар, Өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатын кэрдиис кэмнэрин туһунан улуустааҕы киин библиотека оҥорбут үөрэтэр-сайыннарар суолталаах матырыйаалын көрдүбүт-иһиттибит.Бу күн биһиги республикабытыгар улахан суолталаах үөрүүлээх, кэрэ бэлиэ күн быһыытынан биллэр. 1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыллыбыта. Бу докумуон Сахабыт сирэ сайдарыгар бөҕө тирэх буолбута. Россия састаабыгар киирэр туспа […]
Илбис Олоҥхо курдук омуннаан омолуттахха,Сэһэн курдук сэгэтэн кэпсээтэххэ:Аан дойду аарыгыран айыллыыта,Орто дойду олоҕо оргуйан туруута,Киһи буолуохтаах кэскилим сиригэр,Саха буолар саргылаах дойдубар,Адьарай тыын дьиккэрдэрэ,Алдьархай ааннаабыттар,Олох оҥоһуутун урусхаллаабыттар,Тулалыыр айылҕаны айгыраппыттар,Күтүр түөкүттэрэ ордугурҕаспыттар,Үөдэн күлүктэрэ үөгүлэспиттэр эбит.Мин диэтэх киһи алыс аһыйан алы гымматым, Ордук уордайан тулуйан олорботум,Илгистэн, тииһигирэн уһугуннум.Дьолбун уһулан, үтүөбүн өһүлэн,Куппун-сүрбүн быһах биитин курдукСытыылаан, чочуйан биэрдим.Хабараан халлаантан хара […]
“Кинигэ күүһэ” аахсыйа
Бүгүн Дүллүкү нэһилиэгин бибилэтиэкэтигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэ күнүгэр “Кинигэ күүһэ” аахсыйа ыытылынна. Быйылгы аахсыйа “Аҕа дойдуну көмүскээччи” сылыгар ананна. Көҕүлээччи уонна тэрийээччи – СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ буолар. Бүгүн оҕолорго анаан нэһилиэкпит баһылыга Николай Петрович Романов “Дьоруой уолаттарбыт” кинигэттэн Арассыыйа дьоруойа, аатырбыт “Алеша” тааҥка наводчик – оператора Неустроев Алексей Михайлович хорсун быһыытын туһунан кэпсээтэ. Ону таһынан […]
Күннээҕи сонуннартан
Түҥ былыр өбүгэ саҕаттан, төрүт саха баар буолуоҕуттан күн бүгүнүгэр дылы тиийэн кэлбит норуот кэтэһэр таптыыр улахан бырааһынньыга Ыһыах буолар.Ол сиэринэн былырыын нэһилиэк уопсай мунньаҕынан бигэргэнэн ППМИ программатыгар киирсэн, олохтоохтор уонна ыраах-чугас олорор биир дойдулаахтарбыт харчы хомуйуутугар көхтөөхтүк кыттыһаннар, быйыл уҥуор турар ыһыахтыыр площадкабыт тупсарыллан саҥа тутууларынан тупсарылла турар.Тендергэ кыайбыт алта киһилээх бригада кэлэн үлэлээбиттэрэ […]
Техниканы баһылаабыт дьоммут
Бу кинигэҕэ ХХ үйэҕэ Дүллүкү уонна Хомустаах нэһилиэктэрин механизатордарын (тырахтарыыстар, суоппардар), уустарын, механиктарын, инженердэрин, пилорамщиктарын, сибээс- араадьыйа үлэһиттэрин туһунан сурулунна. Бу дьон билиилэринэн, үлэҕэ сүрэхтэринэн техника ат көлөнөн ырааҕы чугаһаппыттарын, ыараханы чэпчэппиттэрин, араас сонуну тарҕаппыттарын түмүгэр Дүллүкү уонна Хомустаах нэһилиэктэрин олохтоохторо тыһыынчанан ынах- сылгы үөрүн ииппиттэрэ, сүүһүнэн гектар сиргэ бурдук, оҕуруот аһын ыспыттара, аар тайҕаттан […]
Кыайыы 80 сылын бэлиэтээтибит
1941- 45 сыллар тыйыс тыыннара таарыйбатах ыала биһиги нэһилиэккэ суох, бука бары дьоммутун ытыктаан, уһансыбыт кыайыыларыгар сүгүрүйэрбитин биллэрэн, кэнэҕэски ыччаппытыгар көрдөрөр, үөрэтэр сыалтан ыам ыйын 7 күнүгэр улууспутугар “Үөһээ Бүлүү оройуонун дьоруойдарын күнэ” буолла. Бу күн оскуола уонна уһуйаан оҕолоругар Советскай Союз Геройа Алексей Афанасьевич Миронов уонна Социалистическай Үлэ Геройдара Афанасий Николаевич Саввинов, Степан Иннокентьевич […]
Дьылҕаттан ааттаһыы.
Соһуччугун, дьылҕа эн сытыыгын!Дойдум амарах дьонун аһымматыҥ,Тоҕо эмискэ харах уутун тохтуҥ?Өссө да олоруохтаах олоҕу тохтоттуҥ… Сордуугун, дьылҕа эн ытатаҕын!Киһи тэбэр сүрэҕин хам тутаҕын,Туох иһин дьоммун эрдэ ыҥырдыҥ?Олох ситиитин былаҕайга быстыҥ… Дьылҕа эн тохтоо, көрдөһөбүн…Аймах билэ бар дьонум,Өссө да өр олордуннар,Уһун үйэлээх буоллуннар. Ылыма, дьылҕа эн көтүтүмэ,Күлэр-үөрэр күннэрин үлтүрүтүмэ.Олохтон дуоһуйар хаарыан саастарын,Быстахха бука диэн былдьатыма. Эдуард […]
Ааһан эрэр нэдиэлэ түмүктэрэ
Муус устар 23 күнүгэр алын кылаас оҕолоро сылын аайы ыытыллар “Символы Якутии” диэн Республиканскай олимпиадаҕа кытыннылар. Олимпиада сорудахтара быйыл “Я- патриот” диэн тиэмэҕэ ыытылынна, ол курдук 9 боппуруоска сөптөөх эппиэти таллылар уонна бүтэһик 10-с боппуруоска өйтөн суруйууну суруйдулар. муус устар 24 күнүгэр олохтоох кулуупка “100 лет мечты” документальнай киинэ көрдөрүүтэ уонна “Тыл БАТТЛ” викторина ыытылынна. […]
“Ааһан иһэн тылбаастаан аас”
Муус устар 19 күнүгэр нэһилиэкпитигэр кыһыны атаары үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста. Араас күрэхтэр оонньоннулар, эҕэрдэ ырыалар дьиэрэйдилэр. “Ааһан иһэн тылбаастаан аас” диэн түргэн викторина ыыттыбыт. Бэриллибит сахалыы тыллары нууччалыыга тылбаастаан күрэхтэстилэр. Үөрүөхпүт иһин ыччат дьоммут олус көхтөөхтүк кытынна уонна үчүгэй көрдөрүүлэри көрдөрдүлэр.
Экскурсии по библиотеке
Сегодня дети подготовительной группы детского сада “Кустук” посетили модельную сельскую библиотеку. Ежегодно 12 апреля весь мир отмечает День космонавтики. Это настоящий праздник, объединяющий людей всей Земли в едином стремлении познать то, что находится за её пределами. Первым делом рассказали детям о первом космонавте Юрие Гагарине, узнали последовательность планет, какая самая большая планета итд. Игра на […]