Муус устар 19 күнүгэр нэһилиэкпитигэр кыһыны атаары үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста. Араас күрэхтэр оонньоннулар, эҕэрдэ ырыалар дьиэрэйдилэр. “Ааһан иһэн тылбаастаан аас” диэн түргэн викторина ыыттыбыт. Бэриллибит сахалыы тыллары нууччалыыга тылбаастаан күрэхтэстилэр. Үөрүөхпүт иһин ыччат дьоммут олус көхтөөхтүк кытынна уонна үчүгэй көрдөрүүлэри көрдөрдүлэр.








