Хаар буолуом
Хаар түһэр кэмигэр,Эн миигин санаар…Үөрэр-көтөр түгэҥҥэрЭн миигин умнумаар. Мин эмиэ баҕарабынХаар буолан үллүктүөхпүн,Эн тулаҕын уоскутан,Наҕыллык үҥкүүлүөхпүн. Үөһээттэн оргууй түстэрбинУуллуом этэ ытыскар…Көнньүөрэн турдаргын,Ириэм этэ иэдэскэр. Бүгүн хаар буоланСүрэххэр дьолу туойуом…Чуҥкуйбут санааҕын,Сырдыгынан толоруом. Ол эрэн миигин умнумаар,Маннык сэдэх түгэҥҥэМичилийэн ылларгынМиигин саныыр буолаар. Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына
Быстах түүл
Мин бу туох буолан эйигин түһээтим?Хайдах түүлбэр киирэҥҥин аймаатыҥ?Кыраттан турар сүрэхпин долгуттуҥ,Дьиҥ олох кэриэтэ сандааран аастыҥ… Түүлбэр эн мичилийэргин көрөн,Мин дьоллоох да киһи этим…Истиҥ сыһыаны олохтоон,Имэҥнээх тапталга куустарбыппыт. Эйэҕэс мичээриҥ харахпарИҥэн хаалбыт курдук…Көрдөхпүнэ аттыбар бааргын,Өссө да көрсүһүөх буолбуппут… Уһуктубутум… кураанаҕыан, албыныын…Тоҕо эрэ туорхаһыйан бардым,Итэҕэйбэккэ курутуйан да ыллым,Ол түүлгэ төттөрү төннүөхпүн баҕардым. Ол эрэн билэн эрдэҕим […]
Уу чугаһа ордук…
Кинигэ түөрт түһүмэхтээх: Бастакыта: Дүллүкү нэһилиэгин күөллэрин ааттарын быһаарыылара (топонимиката), өтөхтөрө, кимнээх олорбуттара, сорох күөллэргэ хайдах бултанара. Иккиһинэн: Саха сиригэр автономия олохтонон тыа сиригэр дьайыытын туһунан Дүллүкү нэһилиэгин олоҕор тирэҕирэн, пьеса- концерт. Үсүһүнэн: “Сатабыллаах чэйдэтии” фельетон. Төрдүһүнэн: Сылларынан нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторун олохторо киирдилэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Саха тыла түүрдүү тыллаах омуктартан тахсыбыт тыл буолар. […]
Ыйга айан
Абылаата, аптаата Ыйым миигин ыҥырда… Суһум суолу субурутан, Орто дойдуттан көтүттэ. Хаалла ыраах урсуҥҥа, Бытарҕан тымныылаах, Ытыллар буурҕалаах Ол мин тыйыс дойдум. Үрүмэ былыттарынан, Хаар айылҕам бүрүлүннэ… Үөһээ чолойон көрбүтүм, Ыйым бу чугаһаан көһүннэ. Түөспүнэн тардыллан, Салгыны сапсыйан иһэбин. Куйаар ситимин тутан Халлаанныын силбэһэбин. Уйулҕалыын угуттанан, Ыйбын сэрэнэн кууһабын… Куттуун кутуллан, Туналыйан көстөбүн. Тулабар сулустар […]
Үтүө дьон туһунан кэпсиибин
Улуу Кыайыы 80 сылын чэрчитинэн, Дьокуускай куоракка олорор, биһиги биир дойдулаахпытыгар, Дүллүкү нэһилиэгин Тыыл Ветераныгар Феофанова Евдокия Семеновнаҕа нэһилиэкпит аҕа баһылыга, Николай Петрович Романов, РФ Юбилейнай мэдээлин туттарда.40 сыл устата бэриниилээхтик үлэлээн доруобуйа харыстабылын ветерана буолбут, Дүллүкү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Евдокия Семеновна, үлэ, тыыл ветерана, кулун тутар 27 күнүгэр 90 сааһын томточчу туолла. Ытыктыыр Киһибит, […]
Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ
Сааскы уһун өрөбүллэри баттаһа үһүс кылаас оҕолоро Лидия Дорофеева уонна Дархан Афанасьев библиотекаҕа күннэрин туһалаахык атаардылар. Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтии дойдубутугар “Аҕа дойдуну көмүскээччи”, Сахабыт сиригэр “Ийэ дойдуну көмүскээччи” уонна улууспутугар “Бэриниилээх буолуу” сылларыгар сөп түбэһиннэрэн үбүлүөйдээх буойун суруйааччылары Василий Сергеевич Соловьев- Болот Боотуру, Исай Прокопьевич Никифоровы уонна Макар Иванович Кузьмин- Макар Хараны билиһиннэрдибит […]
Хоһоонньут олоҕо
Айылҕа күүһүн хоһуйар хоһоонньутОлох эргиирин анаарар айанньыт.Төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх;Айар дьоҕурдаах аламаҕай киһи. Оһуордаах, уус-уран тыллаах,Хомуһуннаах, саха тыыннаахХоһоонньут көхсүгэр кынаттаах,Эргийэ элиэтиир халлааннаах. Үйэ тухары норуотугар иэстээх,Сааһын тухары биир итэҕэллээх!Сарсыҥҥы күнүгэр бигэ эрэллээх!Дьонтон дьикти ураты көрүүлээх. Аан дойдуну арҕарар аартыктаах,Ырыҥалыыр көҥүл санаалаах,Айыылартан айылгылаах,Аар айылҕаттан айдарыылаах. Орто дойду айгырыыр олоҕунОйуулаан хоһуйар аналлааҕа…Тулалыыр эйгэ киэҥ иэнин,Хоһоонньут омолутар толкуйдааҕа. Эдуард […]
Саҥа хоһоон
ааҕар ааптар- Айылгы Тыына
Аҕа дойдуну көмүскээччи күнэ
Дүллүкү нэһилиэгэр олунньу 25 күнүгэр ханыы күн- доруобуйа күнэ бырайыак чэрчитинэн уонна Дойдуга Аҕа дойдуну көмүскээччи, Өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи, улууспутугар Бэриниилээх буолуу сылларыгар анаан нэһилиэкпит эр дьонноругар сыал ытыытын күрэҕэ буолан ааста. барыта 15 кыттааччы сыал ытан илин-кэлин түһүстүлэр. Түмүккэ бэтэрээн ытааччыларга бастакы миэстэни Дмитрий Дяриков, иккис миэстэ Семен Титов уонна үһүс миэстэни Виктор […]
Кыыһар Кыайыы дуоҕата Дүллүкү нэһилиэгэр
Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кыайыы Знамята” эстафета бу сыл тохсунньу 9 күнүттэн Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан саҕаламмыта. Олунньу 19 күнүгэр, Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах «Кыайыы Знамята» Дүллүкү нэһилиэгэр көрсүү үөрүүлээх түгэнэ буолла. Улуу Кыайыы бэлиэтин – Кыайыы Знамятын Аҕа баһылыкпытыгар Николай Петрович Романовка, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы Егор Владимирович Михайлов туттарда. “Кыайыы Знамятын” ытыктаан, дойдубут өрөгөй ырыаларын […]