Муус устар 23 күнүгэр алын кылаас оҕолоро сылын аайы ыытыллар “Символы Якутии” диэн Республиканскай олимпиадаҕа кытыннылар. Олимпиада сорудахтара быйыл “Я- патриот” диэн тиэмэҕэ ыытылынна, ол курдук 9 боппуруоска сөптөөх эппиэти таллылар уонна бүтэһик 10-с боппуруоска өйтөн суруйууну суруйдулар.



муус устар 24 күнүгэр олохтоох кулуупка “100 лет мечты” документальнай киинэ көрдөрүүтэ уонна “Тыл БАТТЛ” викторина ыытылынна.
муус устар 25 күнүгэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн “Библионочь-2025” күнүн бэлиэтээтибит.


