“Кинигэ күүһэ” аахсыйа

Бүгүн Дүллүкү нэһилиэгин бибилэтиэкэтигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэ күнүгэр “Кинигэ күүһэ” аахсыйа ыытылынна. Быйылгы аахсыйа “Аҕа дойдуну көмүскээччи” сылыгар ананна.

Көҕүлээччи уонна тэрийээччи – СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ буолар.

Бүгүн оҕолорго анаан нэһилиэкпит баһылыга Николай Петрович Романов “Дьоруой уолаттарбыт” кинигэттэн Арассыыйа дьоруойа, аатырбыт “Алеша” тааҥка наводчик – оператора Неустроев Алексей Михайлович хорсун быһыытын туһунан кэпсээтэ. Ону таһынан анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр баран үлэлээн кэлбитин оҕолорго тиийимтиэ, өйдөнүмтүө гына сиһилии кэпсээтэ. Ол кэннэ оҕолор кэпсээни тула сэһэргэстилэр.