Уу чугаһа ордук…

Кинигэ түөрт түһүмэхтээх: Бастакыта: Дүллүкү нэһилиэгин күөллэрин ааттарын быһаарыылара (топонимиката), өтөхтөрө, кимнээх олорбуттара, сорох күөллэргэ хайдах бултанара.

Иккиһинэн: Саха сиригэр автономия олохтонон тыа сиригэр дьайыытын туһунан Дүллүкү нэһилиэгин олоҕор тирэҕирэн, пьеса- концерт.

Үсүһүнэн: “Сатабыллаах чэйдэтии” фельетон.

Төрдүһүнэн: Сылларынан нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторун олохторо киирдилэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Саха тыла түүрдүү тыллаах омуктартан тахсыбыт тыл буолар. Түүрдүү тыллаах омуктар киэҥ Евразия материгын устун олус күүскэ тарҕанан, ыһыллан- бытарыйан олороллор уонна ол сиэринэн ааттаан- сүрэхтээн ааспыт сирдэрэ ханна баҕарар элбэхтэр. Ол иһигэр олохтоох омуктары үтүрүйэн, бэйэлэрин тылларынан уларытан ааттаабыттара. Холобура, сахалар эбээннэр, эбэҥкилэр, юкагирдар сирдэрин былдьаан, кинилэр сирдэрин ааттарын бэйэтинэн, сороҕун, үксүн даҕаны, сахалыы ааттаабыттара. Ол туһунан бу кинигэ бастакы чааһыгар сурулунна.

Федоров- Дулу, Анатолий Макарович.

Ф33 Уу чугаһа ордук : Дүллүкү уонна Хомустаах нэһилиэктэрин күөллэрин ааттарын топонимиката, олорбут дьоно, бултанара / А.М. Федоров- Дулу.- Якутск : Дани-Алмас, 2024.-200 с.