Ыам ыйын 9 күнэ. Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дүллүкү нэһилиэгэр Аҕа дойду Улуу сэриитин 81 сыллаах Кыайыы күнэ киэҥ далааһыннаахтык уонна үөрүүлээхтик бэлиэтэннэ. Нэһилиэк олохтоохторо, араас тэрилтэ үлэһиттэрэ уонна оскуола оҕолоро биир кэлим буолан, сэлэлии хааман Дьоҕус пааркаҕа муһуннулар.Үөрүүлээх чаас Дүллүкү нэһилиэгин аҕа баһылыга Николай Романов Кыайыы күнүнэн истиҥ эҕэрдэтиттэн саҕаланна. Кини тылыгар сэриигэ өлбүттэри ахтыы, тыылга үлэлээбиттэргэ махтал уонна эйэлээх олоҕу сыаналыырга ыҥырыы иһилиннэ. Онтон Дүллүкү орто оскуолатын байыаннай үөрэхтээһин үөрэнээччилэрэ бэлэмнээх строевой построение көрдөрөн, мустубут дьону сөхтөрдүлэр уонна патриотическай тыыны үрдэттилэр. Бу кэннэ, ытык бэлиэ сиргэ венок ууруу сиэрэ-туома буолла, уонна торжественнай миитин Аҕа дойдуларын көмүскээбит дьоруойдарбыт кэриэстэрин ытыктабылынан түмүктэннэ.Күн устата нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыгар араас күрэхтэр, эстафеталар ыытылыннылар. Сэрии кэминээҕи «Полевая кухня» үлэлээн, дьону сылаас аһынан күндүлээтэ. Олохтоох тэрилтэлэр хамаандалара “Вальс уонна Кыайыы ырыалара” күрэххэ күрэхтэстилэр, тыыл үлэһиттэрин уонна сэрии саҕанааҕы ырыалар үйэтин туоһулааннар. Ону таһынан, военизированнай эстафетаҕа, пулевой ытыыга уонна дартска күрэхтэһии буолан, дьон доҕордоһууну уонна түмүллүү күүһүн көрдөрдүлэр.Киэһэ 16:00 чаастан, барыларын сэргэхситэн, “Малыш” (2026 с.) киинэ көрдөрдүлэр. Бу киинэ көрүүтэ дьоҥҥо бэйэлэрин олохторун толкуйдуурга, эйэлээх кэми сыаналыырга күүһү биэрдэ. Кыайыы күнэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга түмүктэннэ.
Нина ИльинаДүллүкү