БИБЛИОНОЧЬ-2026

18 апреля по всей России в 15-й раз прошла ежегодная акция «Библионочь». В 2026 году тема акции — «Единство народов — сила России!» Она посвящена многообразию культур, традиций и языков, которые на протяжении веков формировали историю страны. С удовольствием послушали композицию стихов “Мы вместе” в исполнении школьников, победителей улусного конкурса “И вновь пробуждается поэзия во мне…” Были организованы разные онлайн квиз- игры, кинопоказ “Герои […]
НЕДЕЛЯ ДЕТСКОЙ КНИГИ

Всероссийская неделя детской книги (НДК) в 2026 году пройдет с 28 марта по 5 апреля. Это крупнейшая просветительская акция, приуроченная к весенним каникулам, включающая творческие встречи, мастер-классы и книжные ярмарки, посвященные в 2026 году Году единства народов России. Основные факты о НДК-2026: Традиционно НДК — это праздник всех читающих детей, помогающий популяризировать качественную детскую литературу. Наша библиотека […]
Комсомол в Якутии

27 марта мы отметили 105-ю годовщину со дня создания комсомола Якутии. Именно в этот день в городе Якутске открылась I губернская конференция Коммунистического Союза Молодежи. К этому моменту в Якутской губернии было 28 организаций комсомола, в которых насчитывалось 625 членов РКСМ. Делегаты конференции отправили приветственные телеграммы Владимиру Ильичу Ленину и ЦК РКСМ.Встреча поколений прошла на […]
Үтүө дьон туһунан кэпсиибит

Бүгүн саха уус-уран литературатын төрүттээччи, айар тыл аҕата, бөдөҥ общественнай деятель Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөйгө аналлаах “Өксөкүлээх сардаҥата” аахсыйа чэрчитинэн “Үтүө дьон туһунан кэпсиибин” библиотечнай уруок ыытылынна.Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, айар үлэтэ саха норуотун үйэлээх духуобунай баайа буолар. Кини уус –уран айымньылара, фольклорга үлэлэрэ, Саха сирин айылҕатын чинчийиилэрэ, саха норуотун олоҕун, итэҕэлин, тылын, […]
КЭРЭ КИҺИЭХЭ ЭЙИЭХЭ…

Аан дойду дьахталларын күннэрин бэлиэтии Дүллүкү нэһилиэгин кэрэ аҥаардара ротанганан кашпо өрүүтүгэр уонна гипсанан сувенирдары оҥоруу маастар- кылааһыгар сырыттылар. Мустубут кэрэ аҥаардар ирэ- хоро сэлэһэн, бириэмэлэрин туһалаахтык атааран, элбэҕи билэн, бары илии тутуурдаах тарҕастылар. Ыҥырыыбытын ылынан, ыраах диэбэккэ кэлэн кэрэ күнү бэлэхтээбит маастардарбытыгар, Аида Васильевнаҕа уонна Саргылана Анатольевнаҕа махталбытын тиэрдэбит!
Туруйа таптала

Кыыс кэрэ Туруйа күнүүнү уйбаккаХомоппут доҕорун хонууга утутанКыһыыта-абата кыынньан кэлэнКылана түһээт-көҥүлгэ көппүтэ Уолан Туруйа уһукта биэрэнТулатын көрүнэн-сүрэҕэр ыттаранХаллааны хайытан, ыһыытаан-хаһыытаанМаардары, толоону барытын кэрийтэ Түүннэри-күннэри көтөрө, көрдүүрэАйманан-уйманан-аһыырын умнара,Сылайан-элэйэн хонуутун булбутаСуланан-кэлэнэн- сууллардыы түспүтэ! Кыыс кэрэ Туруйатус хоту барбытаСанааҕа-онооҕо ылларан иһэрэ,Туох эрэ буолбутун-сүрэҕэ сэрэйтэСуһаллык эргиллэн төптөрү көппүтэ! Хаалларбыт сиригэр хаһыытаан кэлбитэ-Хаарыаннаах доҕоро- харбыйан сытара…Кыратык кылатан-кыыкыныы үөрбүтэ,Тыынын былдьаһан “бырастыы”-диир […]
КИҺИ БУОЛБУТ ДЬОЛУМ

Кимиэхэ ананыай,Эппит этиим…Кимиэхэ хаалыай,Мин санаам… Тугу туһалыай,Тус көрүүм…Туох көрдөрүөй,Бүтүн олохпун. Ким кэпсиэй,Киһи туһунан…Хайдах туойуой,Дьылҕа оҥоһуутун. Оччоҕо, оччоҕунаБүгүн мин кимминий?Туох соруктаахАйыллан кэлбиппиний? Субу олоронАнааран көрдөххө:Хайдах эрэ тулам барыта,Олус күндү курдук… Көрөрүм-истэрим,Тыынарым, тыыннаахпын…Ыра санаам суоҕун кэриэтэ,Барыта баар, олох кэрэтэ… Харах уулаахОлоруом астынан…Кэмсиммэккэ харыстыам,Хас биирдии түгэни. Ол иһин бу баар эбит,Көрдөөбүт үтүө суолтам…Мин соҕотох олоҕум,Киһи буолбут дьолум. Эдуард […]
Олунньу ый 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ

Төрөөбүт тыл күнэ – саха дьонун өйө-санаата бөҕөргүүрүгэр, билиитэ-көрүүтэ дириҥииригэр олохторун анаабыт саха интеллигенциятын чаҕылхай бэрэстэбиитэллэригэр, учуонайдарыгар сүгүрүйүү уонна ытыктабыл бэлиэтэ буолар. Дүллүкү нэһилиэгин библиотеката сылын аайы көтүппэккэ көхтөөхтүк кыттар, ол курдук оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо дьыктаан суруйуута ыытылынна. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сыла биллэриллибитинэн быйылгы дьыктааны култуура эйгэтигэр үлэлиир үлэһит суруттарда, биһиэхэ кулууппут уус- уран […]
“ИСИДОР БАРАХОВ ҮӨРЭММИТ КЫҺАЛАРА”

Уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Исидор Никифорович Барахов төрөөбүт күнүн бэлиэтии уонна Үөһээ Бүлүү улууһугар үөрэҕирии 150 сылыгар аналлаах бэсиэдэ уонна “Исидор Барахов үөрэммит кыһаларын суолунан айан” остуол оонньуута оскуола оҕолоругар ыытылынна. Кыттыыны ыллылар Дүллүкү орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччилэрэ. Саха аптаныамыйатын төрүттээччи, гражданскай сэрии эйэлээхтик түмүктэнэригэр сиэрдээх бэлиитикэни ыыппыт, төрөөбүт тылбыт, сурукпут-бичикпит сайдарыгар үлэлэспит […]
САМААН САЙЫН САЛГЫНА ИЛГИЙЭН ААСТА

Олунньу 6 күнүгэр Дүллүкүтээҕи сынньалаҥ кииҥҥэ,А.Д. Макарова аатынанДЬОКУУСКАЙДААҔЫ КУЛТУУРА УОННА УСКУУСТУБАкэллиэһин үһүс кууруһунустудьуона Эдуард Чоросов отчуоттуур “Өбүгэ төрүт дуораана” кэнсиэрэ буолан ааста. Кыттыыны ыллылар Дорҕоон эр дьон ансаамбыла, Утум фольклорнай бөлөх уонна Дүллүкү орто оскуолатын үөрнээччилэрэ. Кэнсиэр арыллыытын олоҥхоннон арыйда, биир дойдулаахпыт Никита Семенович Александров- Ынта Никиитэ “Көр Буурай бухатыыр” олоҥхоттон быһа тардан ааҕан иһитиннэрдэ. […]