Уоттаах сулус анныгар
Уматан чүмэчи тутаммыт
Бука бары тахсыаҕыҥ
Бааралаһа сэлэлии хаамсыаҕыҥ.
Тиийиэҕиҥ монумен иннигэр
Буойуннар албан ааттарыгар,
Улуу кыайыыны уһансыбыт
Өлбөт – сүппэт кэриэстэригэр.
Чуумпура иһийэн тураммыт
Өлбүттэр ааттарын ахтыаҕыҥ,
Уматан чүмэчи уураммыт
Махтал тылларын этиэҕиҥ.
Кэккэбитигэр аны суохтар
Кырдьаҕас бэтэрээн дьоннорбут,
Төбөнү хоҥкутан тураммыт
Кэриэстээн санньыйан ылыаҕыҥ.
Хааллаҕа үгүс сүрэххэ
Өлбөт – сүппэт ааттара
Өлбөөрбөт үтүө өйдөбүл
Үүнэр көлүөнэ ыччакка.
Сайар Кут.
Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.