Бүгүн, Дүллүкү орто оскуолатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит күнүн бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн уонна дойдубутугар “Сомоҕолоһуу”, өрөспүүбүлүкэбитигэр “Култуура”, улууспутугар “Үөрэҕирии” сылларыгар анаан оҕолорго кэтэхтэн “Символы Якутии: Я патриот” өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Х төгүлүн ыытыллар кэтэхтэн олимпиада ыытылынна. Кыттыыны ыллылар 3,4 уонна 8 кылаас оҕолоро.



Ону таһынан оскуолабыт учууталларыгар өрөспүүбүлүкэбит туһунан ыйытыктардаах “Бэйэ оонньуута” ыытылынна. Барыта 2-лии кыттааччылаах 4 хамаанда кыттыыны ылла. Оонньуу 5 түһүмэхтээх 5-тии ыйытыктаах, ыйытык төһө ыарахан да оччоннон элбэх очукуолаах. Кыттааччылар түһүмэҕи талаллар уонна бачча очукуолаах ыйытык диэн талан эппиэттээтилэр.



Түмүккэ “Сыккыс” хамаанда бастакы миэстэни ылла, иккис миэстэни “Эрчим”, үһүс миэстэни “Эрэл” хамаанда ылары ситистилэр.



Саха дьоно буоламмыт –
Саха омук барахсан
Сытыы өйүн, дьоҕурун
Сайдар суолга түмүөҕүҥ!
Петр Одорусов