СААС КЭЛЭН

Үөр туллугу соһуччу көрөммүн
Оҕобор түһэммин ойуолуох курдукпун,
Эриэккэс, эйэҕэс чырыбы истэммин
Эдэрбэр түһэммин эккириэх курдукпун.

Саас кэлэн- үөрүүбүт үрдүүрүн
Сүрэххэ тиийэрдии-мин хайдах этиэмий,
Барылыы-күрүлүү-дьиримнии устарын
Барыта кэрэтин-мин туохха тэҥниэмий!?

Хас көстүү хартыына курдугун
Соһуччу бэлэҕин-сонургуу көрөбүн
Тыын уган -хоһуйа түһүөхпүн
Тылым тиийбэт-сорун көрсөбүн

Туруйа хаһыытын эмискэ истэммин
Турууктуур уруйун-тута эппэтим,
Сааскы сарсыарда-сатарыыр айхалын
Саҥа аллайан-сатаан эппэтим.

Ол кэми, ол түгэни аһардан кээспэккэ
Иэйиибин киллэрэ- иһийэн хаалабын,
Омуммар, төлөммөр-сыыһа эппэккэ
Оройбор хатааммын-уоскуйа түһэбин.

Валерий Никифоров- Чигди

Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү