Дапсы дьыктаанын суруйдубут

Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, Төрөөбүт Ийэ тылбыт хараанньыта, сэрии сылын оҕото, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, биһиги биир дойдулаахпыт, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы төрөөбүт күнэ. Бу кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ түбэһиннэрэн, 2020 сылтан улууспутугар Дапсы дьыктаана тохтобула суох ыытыллар. Бүгүн Мэхээлэ Бөтүрүөбүс 90 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйдээх сылыгар аан бастакытын республиканскай таһымҥа ыытылынна. Онон бүгүн, дьыктааны […]

РОССИЯ- дом народов

Всероссийский диктант «Россия — дом народов» проходит в честь Дня языков народов Российской Федерации и посвящен Году единства народов России. Главная цель акции — популяризация многоязычия, поддержка интереса к изучению государственного языка РФ и языков народов страны, а также укрепление гражданского мира и межнационального согласия. Текст диктанта в 2026 году включает специально адаптированные и переведенные […]

Олунньу ый 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ

Төрөөбүт тыл күнэ – саха дьонун өйө-санаата бөҕөргүүрүгэр, билиитэ-көрүүтэ дириҥииригэр олохторун анаабыт саха интеллигенциятын чаҕылхай бэрэстэбиитэллэригэр, учуонайдарыгар сүгүрүйүү уонна ытыктабыл бэлиэтэ буолар. Дүллүкү нэһилиэгин библиотеката сылын аайы көтүппэккэ көхтөөхтүк кыттар, ол курдук оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо дьыктаан суруйуута ыытылынна. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сыла биллэриллибитинэн быйылгы дьыктааны култуура эйгэтигэр үлэлиир үлэһит суруттарда, биһиэхэ кулууппут уус- уран […]

СОЛОТУУРАПТЫЫ СУРУЙУУ

Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ Н. Г. Золотарев – Якутскай төрөөбүтэ 117 сааһын көрсө Үөһээ Бүлүү улууһун иһигэр сылын аайы ыытыллар “Солотуураптыы суруйуу” аахсыйа ыытылынна. Быйылгы суруйуу сорудаҕа Н.Г. Золоторев- Якутскай биир бастыҥ айымньытыттан “Көмүстээх үрүйэ” сэһэнтэн быһа тардыы кэллэ. Суруйуу сүрүн сорудаҕа […]

Дапсы дьыктаана

Үөһээ Бүлүү улууһугар сэтинньи 6 күнэ- “БИҺИРЭМ ТЫЛ күнэ”. Төрөөбүт Иҋэ тылбыт хараанньыта, сэрии сылын оҕото, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп-Дапсы төрөөбүт күнүгэр, төрдүс төгүлүн ыытыллар “Дапсы дьыктаана” буолан ааста. Быйыл төрдүс төгүлүн ыытыллар «Дапсы дьыктааныгар» биһиги нэһилиэк көхтөөх кыттыыны ыллыбыт, уопсайа 10 киһи кыттан ийэ тылларын төһө билэллэрин тургутан көрдүлэр. Дьыктааны […]

Ааһан эрэр нэдиэлэ түмүктэрэ

Олунньу 12 күнүгэр  Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, ХIX үйэ саҕаланыытыгар биллибит судаарыстыбаннай уонна партийнай үлэһит Исидор Никифорович Бараахап олоҕун, үлэтин, саха норуотун инникитин турууласпытын уонна сахалыы тыллаах буоларбытыгар сүҥкэн үлэни ыыппытын туһунан оскуола оҕолоругар аналлаах библиотечнай уруок буолла. Олунньу 13 күнүгэр оскуола оҕолоругар “Таптыыр Сахам тылынан” Өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн олимпиада буолла, оҕолор үлэлэрэ улууска бэрэбиэркэҕэ ыытылынна. Олунньу 14 күнүгэр […]

Дапсы дьыктаана

Үөһээ Бүлүүгэ сэтинньи 6 күнүгэр төрөөбүт ийэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы төрөөбүт күнэ — «БИҺИРЭМ ТЫЛ» күнүнэн бэлиэтэнэр. Хас сылын аайы улууска сэтинньи 6 күнэ сахалыы ыраастык саҥарыы, кэпсэтии күнэ. Бу күн үгэскэ кубулуйбут Дапсы дьыктаана нэһилиэк билиитиэкэлэригэр ыытыллар. Биһиги нэһилиэккэ дьыктааны суруттарда саха тылын […]

САХАЛЫЫ ДЬЫКТААН

Бүгүн, төрөөбүт төрүт тыл күнүгэр аналлаах үгэс буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахалыы дьыктаан” аахсыйаҕа кытынныбыт. Аахсыйа ыытыллыбыта номнуо онус сылын бэлиэтээтибит. Дьыктаан нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр ыытылынна, тиэкиһи саха тылын уонна литературатын учуутала Антонина Ивановна Афанасьева аахта. Быйылгы дьыктаан тиэкиһэ Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов «Чыркымай» диэн оҕолорго кэпсээниттэн быһа тардыыны суруйдулар. “Бастыҥтан бастыҥ суруксут”- Семенова Наталья Григорьевнаҕа, “Бастыҥ […]

ОЛОҤХО

Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус – уран айымньытын кылбайар үрдүк чыпчаала буолан, кини норуот историятын, философиятын, итэҕэлин, төрөөбүт дойдутун, айылҕатын үөрэтэргэ эмиэ улахан суолталаах.Хас биирдии түөлбэ тус-туһунан олоңхолоох, онон түөлбэ бэйэтин олоңхотун быһааран, чинчийэн, бэйэ культуратын биир киэн туттар көрүңэ буолуохтаах.Олохтоох олоҥхоһуттары чинчийии – үөрэтии, олоҥхоһуттар үтүө ааттарын үйэтитии, үүнэр көлүөнэ ыччакка сырдатыы, нэһилиэк […]

ДАПСЫ ДЬЫКТААНА

Үөһээ Бүлүү улууһугар бу дьыл сэтинньи 6 күнүгэр төрөөбүт иҋэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп-Дапсы төрөөбүт күнэ –  «БИҺИРЭМ ТЫЛ күнүнэн» бэлиэтэнэр. Төрөөбүт тылбытын өрүтүннэрэр сыаллаах, сахалыы саҥарар, сахалыы толкуйдуур ыччаттары иитэн таһаарар сөптөөх үлэни-хамнаһы өрө тутуохха! Сэтинньи 7 күнүгэр «Биһирэм тыл күнүн» иитинэн үһүс төгүлүн «Дапсы дьыктаана» аахсыйа […]