Норуоттар доҕордоһуулара, Бочуот Знага, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Харбалаах нэһилиэгин Ытык Киһитэ Н. Г. Золотарев – Якутскай төрөөбүтэ 117 сааһын көрсө Үөһээ Бүлүү улууһун иһигэр сылын аайы ыытыллар “Солотуураптыы суруйуу” аахсыйа ыытылынна. Быйылгы суруйуу сорудаҕа Н.Г. Золоторев- Якутскай биир бастыҥ айымньытыттан “Көмүстээх үрүйэ” сэһэнтэн быһа тардыы кэллэ. Суруйуу сүрүн сорудаҕа бэриллибит тиэкискэ көппүт тыллары туруоран биэрии буолар. Маны таһынан “Николай Якутскай бастыҥ айымньылара” диэн кинигэ быыстапката сырдатылынна.




Кыттааччылар сорудахха кэлбит айымньы аатын истээт, аахпыт айымньыбыт диэн сэҥээрэ түстүлэр, урукку кэми ахта быһыытыйдылар. Кыайыылаахтар ТУЙГУН СУРУКСУТ диэн Добун суругунан бэлиэтэннилэр.