Дапсы дьыктаана

Үөһээ Бүлүү улууһугар сэтинньи 6 күнэ- “БИҺИРЭМ ТЫЛ күнэ”. Төрөөбүт Иҋэ тылбыт хараанньыта, сэрии сылын оҕото, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп-Дапсы төрөөбүт күнүгэр, төрдүс төгүлүн ыытыллар “Дапсы дьыктаана” буолан ааста.

Быйыл төрдүс төгүлүн ыытыллар «Дапсы дьыктааныгар» биһиги нэһилиэк көхтөөх кыттыыны ыллыбыт, уопсайа 10 киһи кыттан ийэ тылларын төһө билэллэрин тургутан көрдүлэр. Дьыктааны суруттарда Дүллүкү орто оскуолатын саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр учуутала Алексеева Кыыма Гаврильевна. Кыттааччылар “Туйгун суруксут” уонна “Үчүгэй суруксут” диэн добун суругунан бэлиэтэннилэр.

“Ханнык да атын улуу төрөөбүт тылгын солбуйбат, төрөөбүт тылгыттан ордук, күндү буолбат.”
Дапсы