ОПТУОРУННЬУК-ДОРУОБУЙА КҮНЭ

Бүгүн, балаҕан ыйын 15 күнүгэр, улууспут үрдүнэн хас оптуорунньук ахсын ыытыллар “Доруобуйа күнэ” үһүс сезона үөрүүлээхтик арылынна.Дүллүкү нэһилиэгэр сарсыардааҥы зарядка Оскуолаҕа уонна Оҕо уһуйааныгар ыытылынна. Онтон күнүс 15:00 чаастан нэһилиэнньэ олохтоохторугар А.И. Устинов аатынан спортзалга салҕанна.Доруобуйа күнүн үөрүүлээх арыллыыта спортинструктор И.С. Мордовской салайыытынан саҕаланна. Мустубут дьону Дүллүкү нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта В.В. Софронов эҕэрдэлээтэ.Ол кэннэ эти-хааны чэбдигирдэр зарядканы спортинструктор салайда. Салҕыы спортивнай “Зумба” үҥкүүгэ маастар-кылааһы Н.Н. Ильина биэрдэ.Чэгиэн чэбдик буолуҥ!

Нина ИльинаДүллүкү