ССРС культуратын туйгуна, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Иннокентий Афанасьевич Бороновка ахтыы

Дүллүкү нэһилиэгэр улахан ытыктабылынан ааттанар, биһиги күтүөппүт Боронов Иннокентий Афанасьевич – ССРС культуратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ. Кини төрөөбүт сирэ Бүлүү улууһун Тоҕус нэһилиэгэ эрээри, Дүллүкүгэ олорон, нэһилиэк культурнай олоҕор улахан кылааты киллэрбитэ.

Иннокентий Афанасьевич Дүллүкү кулуубун сэбиэдиссэйинэн үлэлээн олордоҕуна, кини салайыытынан үлэлээбит Никифоров Яков Иванович ол кэми ахтан-санаан, бэйэтин сырдык ахтыыларын кэпсиэҕэ. Бу ахтыылар Иннокентий Афанасьевич үлэтин-хамнаһын, олоххо сыһыанын уонна киһилии майгытын өссө чуолкайдык сырдатыахтара.

Нина Ильина
Дүллүкү