Ытыктабыллаах Тарасовтар Михаил Ивановичка уонна Любовь Николаевнаҕа!
Дүллүкү нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан эһигини “Кэрэ таптал уонна бэриниилээх буолуу” (“Любовь и верность”) Российскай бэлиэтинэн наҕараадаламмыккытынан ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бу наҕараада эһиги дьиэ кэргэҥҥит бөҕө-таҕа, сырдык тапталын, ытыктабыллаах сыһыанын уонна олоххо бэриниилээх буолуугун туоһута буолар. Эһиги уһун сылларга бииргэ олорбут олоххут, ытык сыаннастары тутуһуугут, кэлэр көлүөнэҕэ улахан холобур.
Дьиэ кэргэн – омук кэскилэ, дойду тирэҕэ. Эһиги бу бэлиэни ылан, олорор нэһилиэккитигэр, өрөспүүбүлүкэҕэ ытык ыал аатын сүгэҕит. Эһиги тапталгыт сылаас уотуннан чугас дьоҥҥутун, оҕолоргутун, сиэннэргитин күндээрдин, дьол-соргу тосхойдун.
Чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни, дьолу-соргуну баҕарабыт! Өрүү бииргэ, тапталлаах, ытыктабыллаах буолуҥ!
Уруй! Айхал!
Ытыктабылы кытта,
Дүллүкү нэһилиэгин дьаһалтата
