Бүгүҥҥү күҥҥэ, 2026 сыл бэс ыйын 28 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү нэһилиэгэр саха норуотун чулуу уолун, биир дойдулаахпыт, талааннаах журналист, литератор, хоһоонньут, переводчик Владимир Тимофеевич Николаев үбүлүөйүн көрсө улахан бырайыак саҕаланна. 2028 сылга төрөөбүтэ 100 сылын туолар бэлиэ датаҕа бэлэмнэнэн, МБУ КДУ “Дүллүкү нэһилиэгэ” базатыгар “Перекресток языков и культур: Владимир Николаев” диэн ааттаах ураты бырайыак чэрчитинэн сүрдээх улахан үлэ ыытыллар.
Бырайыак салайааччыта Ильина Нина Николаевна. Владимир Тимофеевич үс өссө тахсыбатах рукописьтарын – икки кэпсээнин уонна биир сэһэнин – кинигэ гынан таһаартарарга уонна “Атылла Батылла” диэн сэһэнинэн саҥа испэктээк туруорарга былаанныыллар. Бу үтүө сыаллары ситиһэр туһугар Президентский фонд культурных инициатив (ПФКИ) грант куонкурсугар заявка бэлэмнэммитэ. Бу заявка сарсын сарсыарда, бэс ыйын 29 күнүгэр, ыытыллыаҕа.
Олохтоох кулууп тэрилтэтин кытта бииргэ үлэлэһэн, бу бырайыак Владимир Тимофеевич Николаев айымньытын өссө киэҥник дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэргэ, кини улуу аатын үйэтитэргэ улахан суолталаах. Бу курдук сыаллаах-соруктаах үлэ саха литературатын сайдыытыгар, эдэр ыччаты төрөөбүт тылга-өскө сыһыарыыга улахан төһүү күүс буолуоҕа.
Бырайыак түмүгэ алтынньы ыйга биллиэҕэ. Дүллүкү нэһилиэгин олохтоохторо, культура эйгэтин үлэһиттэрэ уонна саха тылын кэрэхсээччилэрэ бары биир сомоҕо буолан, бу бырайыак ситиһиилээх буоларыгар баҕараллар уонна күүтэллэр.
Нина Ильина
Дүллүкү