БАРСЫЫЙ МИИГИННИИН

Көрүөҥ буолаарай
Күн саҕахха киириитин,
Истиэҥ буолаарай,
Тула айылҕа сипсиэрин…

Онтон мин баҕарабын,
Барытын умнуохпун,
Дьоллоох кэрэ түгэҥҥэ
Эн аттыгар буолуохпун.

Куотуоххарыый иккиэн
Бу дойдуттан ыраах…
Көрүөххэриий бииргэ
Ол кыыһар саһарҕаны.

Сүүрүөххэриий күлэ-үөрэ
Күөх сыһыы устунан тэҥҥэ,
Көтүөххэриий сулустарга,
Туолбут ый сырдыгар…

Тахсыаххарыый былыттарга,
Сылаас салгыҥҥа уйдаран…
Батыһыаххарыый күн уотун,
Мичилийэн ылан сиэтиһэн.

Хаалыаххарыый онно өрүү,
Ким да тиийбэт дойдутугар,
Барсыый миигинниин,
Истиҥник саныыр сэгэрим…

Эдуард Чоросов-Айылгы Тыына

Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.