ҮТҮӨ ДЬОН ТУҺУНАН КЭПСИИБИН

Бүгүн сэтинньи 13 күнүгэр Сахабыт сирин бастакы бэрэсэдьиэнин Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр “Үтүө дьон туһунан кэпсиибин” диэн 5 кылаас оҕолоругар библиотечнай уруок ыытылынна. Михаил Ефимович олоҕун, дьоһун үлэтин, саха норуотун туһугар туруулаһыытын, үлэҕэ- үөрэххэ сүҥкэн кылаатын туһунан бэрт элбэҕи биллилэр. Михаил Ефимович “Билииттэн- кыайыыга” стипендиятын туһунан медиа- урок көрдүлэр, кинигэ быыстапкатын сэргээтилэр. Ону таһынан […]

Дапсы дьыктаана

Үөһээ Бүлүүгэ сэтинньи 6 күнүгэр төрөөбүт ийэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы төрөөбүт күнэ — «БИҺИРЭМ ТЫЛ» күнүнэн бэлиэтэнэр. Хас сылын аайы улууска сэтинньи 6 күнэ сахалыы ыраастык саҥарыы, кэпсэтии күнэ. Бу күн үгэскэ кубулуйбут Дапсы дьыктаана нэһилиэк билиитиэкэлэригэр ыытыллар. Биһиги нэһилиэккэ дьыктааны суруттарда саха тылын […]

Большой этнографический диктант

В рамках Международной акции в библиотеке прошел Большой этнографический диктант, приуроченный ко дню Единства. Большой этнографический диктант – это просветительский проект, который знакомит с культурой народов, проживающих в России, а также позволяет оценить общий уровень этнокультурной грамотности. Организатор акции – Федеральное агентство по делам национальностей. Задания Диктанта оформлены в виде теста.Тест состоит из 30 вопросов. […]

акция “Белая трость”

На календаре очень много знаменательных и важных дат, в их числе Международный день белой трости и Международный день слепых – день сильных, устремленных людей. Международный день белой трости, который отмечается 15 октября, это не праздник. Это своеобразный знак, напоминающий обществу о существовании рядом людей с ограниченными физическими возможностями, о помощи, и солидарности с ними.  В […]

Оптуорунньук- доруобуйа күнэ

Улууспутугар хас оптуорунньук ахсын доруобуйа күнэ ыытыллар. Бу бырайыак чэрчитинэн Саха төрүт оонньууларын хабылыкка уонна хаамыскаҕа маастар- кылаастар ыытылыннылар. Иилээн- саҕалаан ыытта, улууска биллэр биир бастыҥ оонньооччубут Дария Владимировна Афанасьева, ону тэҥэ түөлбэ, тэрилтэ, нэһилиэк чиэһин элбэхтик көмүскээбит Людмила Николаевна Дорофеева. Оптуорунньук ахсын араас хабааннаах эти- сиини чэбдигирдэр, доруобуйаҕа туһалаах тэрээһиннэр буолалларын оҕолор да олохтоохтор […]

Дьоһун саас күнэ

Нэһилиэкпитигэр “Дьоһун сааһы уруйдуох” тэрээһин үрдүк таһымҥа буолан ааста. Аҕа баһылыгы солбуйааччы Владимир Владимирович Софронов эҕэрдэ тыл этиититтэн саҕаланна. Сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ ылбаҕай ырыанан эҕэрдэлээтилэр, араас көрдөөх оонньуулары ыыттылар. “Көмүс сүүтүк” түмсүү кыргыттарын үлэлэрин көрүү- быыстапката туруорулунна. Аҕыйах хонуктааҕыта “Валяние” техниканнан маастар- кылаас ыытыллыбытыгар сылдьан бэйэлэрэ оҥостубут сылаас бэргэһэлэрин, үтүлүктэрин кэтэн, хааман көрдөрдүлэр. Ыһыахха анаан […]

НЭҺИЛИЭКПИТ БИЛЛЭР ДЬОНО

Үтүө дьон туһунан кэпсиибинБүгүн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр “Үтүө дьон туһунан кэпсиибин…” диэн библиотечнай уруок ыытылынна. Бу тэрээһин СӨ бэчээтин, култууратын туйгуна, суруналыыс Иван Васильевич Борисов үбүлүөйдээх 85 сааһыгар анаан ыытылынна.Учууталбыт А.И.Афанасьева суруналыыс кыһалҕалаах оҕо сааһын, умсулҕаннаах айар үлэтин туһунан кэпсээтэ. Оҕолор Иван Васильевич идэтин хайдах талбытын, дьулуурдаахтык үлэлээбитин туһунан сэргээн иһиттибит. Кини олоҕор муспут баайа […]

Оптуорунньук- доруобуйа күнэ

Ардах, хаар арыаллаах ханыы күҥҥэ, сып-сылаас библиотека дьиэҕэ, дойдубутугар үүнэр араас оттон- мастан оҥоһуллар доруобуйаны бөҕөргөтөр утахтары амсайдыбыт. Наталья Григорьевна Семенова араас отонтон оҥорбут морсун амсатта ону, таһынан шикша отонуттан итии утаҕы тута көөнньөрөн иһэттэ. Доруобуйаҕа туһата диэн, саамай харахха туһалааҕын бэлиэтээтэ. Дария Владимировна Афанасьева моонньоҕон сэбирдэҕин хатаран чэй оҥостон эмп курдук иһэрин үллэһиннэ, хайдах […]

Оптуорунньук- доруобуйа күнэ

Бүгүҥҥү күммүтүн сарсыардааҥы сүүрүүттэн уонна эти- хааны чэбдигирдэр хамсаныыларыттан саҕалаатыбыт. Ону таһынан, оҕо саас оонньуутун “Городки” оонньууну оонньоотубут. “Городки” оонньуу, улууспутугар ыытыллар күрэхтэргэ балаһыанньаҕа киирэн турар. Сүүрүүбүтүн, хамсаныыбытын иилэн- саҕалаан ыытта гиирэ көтөҕүүтүгэр Россия спордун маастарыгар кандидат, Саха Өрөспүүбүлүкэтин чемпиона, Манчаары оонньууларын 2 төгүллээх призера- Марианна Яковлевна Ильина. “Городки” оонньууну быраабылатын быһааран ыытта А.И. Устинов […]

“Умнуллубат ааттар”

Үөһээ Бүлүү улууһун устуоруктарын уонна кыраайы үөрэтээччилэрин түмсүүтүн көҕүлээһининэн бастакы чинчийэр айан биһиги биир дойдулаахпыт “Саха биллэр тылбаасчыта”, “Саха сирин литератора” түмсүү чилиэнэ, биллэр суруналыыс Владимир Тимофеевич Николаев төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах библиотекабытыгар төгүрүк остуол буолан ааста. Айанньыттар Үөһээ Бүлүүттэн автобуһунан, болдьоммут чаастарыгар сарсыарда 10:00 чааска баар буоллулар. Төгүрүк остуол саҕаланыытын нэһилиэк баһылыга Романов Николай […]