ДЮЛЛЮКИНСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

Дьоһун саас күнэ

Нэһилиэкпитигэр “Дьоһун сааһы уруйдуох” тэрээһин үрдүк таһымҥа буолан ааста. Аҕа баһылыгы солбуйааччы Владимир Владимирович Софронов эҕэрдэ тыл этиититтэн саҕаланна. Сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ ылбаҕай ырыанан эҕэрдэлээтилэр, араас көрдөөх оонньуулары ыыттылар.

“Көмүс сүүтүк” түмсүү кыргыттарын үлэлэрин көрүү- быыстапката туруорулунна. Аҕыйах хонуктааҕыта “Валяние” техниканнан маастар- кылаас ыытыллыбытыгар сылдьан бэйэлэрэ оҥостубут сылаас бэргэһэлэрин, үтүлүктэрин кэтэн, хааман көрдөрдүлэр. Ыһыахха анаан тигиллибит паннолар, араас симэхтэр эгэлгэлэрэ тэлгэннэ. “Көмүс сүүтүк” 2015 сыллаахтан тэриллэн үлэлиир, салайааччы Светлана Александровна Николаева, түмсэн үлэлээбиттэрин туоһулуур, элбэх махтал суруктаахтар, Дьокуускай куоракка ыытыллар “Волонтердар баалларыгар” икки төгүллээн кыттыыны ылбыттара.

Ону таһынан кулууп уус- уран салайааччыта Наталья Кирилловна “Олоххо дьоҕур (резилиенс)”- гимнастика ньымаларыттан маастар- кылаас көрдөрдө. Кулууп дириэктэрэ Николай Васильев- Харыйалаах Уола ырыа буолбут “Хомус” хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ, санатан эттэххэ, бу хоһооно, Инна Донская толоруутугар ырыа буолан көтөн, билигин саамай истиллэр ырыалартан биирдэстэрэ буолара саарбаҕа суох. Олохтоох библиотека “Назови актера советского кино” видео-викторина ыытан ол саҕанааҕы кэми эргитэн аҕалла.

Ытык дьоммут дьоро киэһэттэн астынан, тото ирэ- хоро кэпсэтэн, ыллаан, үҥкүүлээн, маннык тэрээһиннэр өссө да тэриллэ туралларыгар баҕа санааларын, тэрийээччилэргэ махтал тылларын этэн тарҕастылар.