Ардах, хаар арыаллаах ханыы күҥҥэ, сып-сылаас библиотека дьиэҕэ, дойдубутугар үүнэр араас оттон- мастан оҥоһуллар доруобуйаны бөҕөргөтөр утахтары амсайдыбыт.
Наталья Григорьевна Семенова араас отонтон оҥорбут морсун амсатта ону, таһынан шикша отонуттан итии утаҕы тута көөнньөрөн иһэттэ. Доруобуйаҕа туһата диэн, саамай харахха туһалааҕын бэлиэтээтэ.


Дария Владимировна Афанасьева моонньоҕон сэбирдэҕин хатаран чэй оҥостон эмп курдук иһэрин үллэһиннэ, хайдах хатарары, төһө бириэмэ көөнньөрөрүн уонна төһөтө иһиллэрин кэпсээтэ.


Мустубут дьон итии чэйдээх остуол тула дуоһуйа кэпсэтэн, санаа атастаһан тарҕастылар. Түмүккэ аҕам саастаахтар күннэринэн Дария Владимировнаҕа, биир бастыҥ балыксыппыт Эдуард Докторов сибиэһэй собо кэһиитин ыыппытын туттардыбыт.
