ОПТУОРУННЬУК-ДОРУОБУЙА КҮНЭ

Бүгүн, балаҕан ыйын 15 күнүгэр, улууспут үрдүнэн хас оптуорунньук ахсын ыытыллар “Доруобуйа күнэ” үһүс сезона үөрүүлээхтик арылынна.Дүллүкү нэһилиэгэр сарсыардааҥы зарядка Оскуолаҕа уонна Оҕо уһуйааныгар ыытылынна. Онтон күнүс 15:00 чаастан нэһилиэнньэ олохтоохторугар А.И. Устинов аатынан спортзалга салҕанна.Доруобуйа күнүн үөрүүлээх арыллыыта спортинструктор И.С. Мордовской салайыытынан саҕаланна. Мустубут дьону Дүллүкү нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта В.В. Софронов эҕэрдэлээтэ.Ол кэннэ эти-хааны […]

МАХТАЛ СУРУК

Ытыктабыллаах РЦММБ быраастарыгар уонна биригээдэ салайааччытыгар Егор Васильевич Николаевка! Дүллүкү нэһилиэгин олохтоохторун ааттарыттан доруобуйабыт туругун көрө-истэ кэлэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ көмө оҥорбут истиҥ үлэҕитигэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Эһиги, Егор Васильевич, салайан, элбэх быраас кэлэн, нэһилиэнньэҕэ ыыппыт үлэҕит олус улахан суолталаах. Доруобуйаны харыстааһын киһи олоҕор саамай кэрэ кэһии буолар. Кэлэр үлэҕитигэр бары кэрэни, үтүөнү, доруобуйаны уонна ситиһиилэри баҕарабыт! […]

Аҕам саастаахтар дэкээдэлэрэ

Саха Сирин бары улуустарыгар, куораттарыгар Аҕам саастаах дьон күннэригэр анаммыт дэкээдэ чэрчитинэн бэрт үгүс тэрээһиннэр утум-ситим ыытылла тураллар. Ол курдук, улуустааҕы “Ханыы күн- доруобуйа күнэ” бырайыак үлэтинэн нэһилиэкпит аҕам саастаахтарыгар “КОРНХОЛЛ” успуорт көрүҥэр күрэх ыытылынна. Күрэҕи иилээн- саҕалаан ыытта нэһилиэкпит успуорт инструктора Илья Семенович Мордовской. Бастаан эти- сиини чэбдигирдэр хамсаныылары ыытта, оонньуу быраабылатын билиһиннэрдэ. Ону […]

Оптуорунньук- доруобуйа күнэ

Улууспутугар хас оптуорунньук ахсын доруобуйа күнэ ыытыллар. Бу бырайыак чэрчитинэн Саха төрүт оонньууларын хабылыкка уонна хаамыскаҕа маастар- кылаастар ыытылыннылар. Иилээн- саҕалаан ыытта, улууска биллэр биир бастыҥ оонньооччубут Дария Владимировна Афанасьева, ону тэҥэ түөлбэ, тэрилтэ, нэһилиэк чиэһин элбэхтик көмүскээбит Людмила Николаевна Дорофеева. Оптуорунньук ахсын араас хабааннаах эти- сиини чэбдигирдэр, доруобуйаҕа туһалаах тэрээһиннэр буолалларын оҕолор да олохтоохтор […]

Оптуорунньук- доруобуйа күнэ

Ардах, хаар арыаллаах ханыы күҥҥэ, сып-сылаас библиотека дьиэҕэ, дойдубутугар үүнэр араас оттон- мастан оҥоһуллар доруобуйаны бөҕөргөтөр утахтары амсайдыбыт. Наталья Григорьевна Семенова араас отонтон оҥорбут морсун амсатта ону, таһынан шикша отонуттан итии утаҕы тута көөнньөрөн иһэттэ. Доруобуйаҕа туһата диэн, саамай харахха туһалааҕын бэлиэтээтэ. Дария Владимировна Афанасьева моонньоҕон сэбирдэҕин хатаран чэй оҥостон эмп курдук иһэрин үллэһиннэ, хайдах […]

Оптуорунньук- доруобуйа күнэ

Бүгүҥҥү күммүтүн сарсыардааҥы сүүрүүттэн уонна эти- хааны чэбдигирдэр хамсаныыларыттан саҕалаатыбыт. Ону таһынан, оҕо саас оонньуутун “Городки” оонньууну оонньоотубут. “Городки” оонньуу, улууспутугар ыытыллар күрэхтэргэ балаһыанньаҕа киирэн турар. Сүүрүүбүтүн, хамсаныыбытын иилэн- саҕалаан ыытта гиирэ көтөҕүүтүгэр Россия спордун маастарыгар кандидат, Саха Өрөспүүбүлүкэтин чемпиона, Манчаары оонньууларын 2 төгүллээх призера- Марианна Яковлевна Ильина. “Городки” оонньууну быраабылатын быһааран ыытта А.И. Устинов […]