Алыптаах олоҥхо нэдиэлэтэ.

Дүллүкү нэһилиэгэр Олоҥхо нэдиэлэтин чэрчитинэн М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет, олоҥхону чинчийэр научнай института, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотеката,олоҥхо тыйаатыра,Саха Өрөспүүбүлүкэтин олоҥхо ассоциацията сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар,олоҥхо баай тылынан-өһүнэн билиини-көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа олоҥхо дьыктаана Дүллүкү нэһилиэгэр олохтоох бэйэни салайыныы МТ “Дүллүкү нэһилиэгэ” дьаһалта үлэһиттэрэ саҕалаатылар. П.А.Ойуунскай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон […]

Үөһээ Бүлүү улууһугар Ийэ тыл сыла, Норуодунай бэйиэт Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сыла.

Тэрээһиммит саҕаланыыта норуодунай бэйиэт туһунан кэпсэтииттэн саҕаланна, Намҥа баар түмэл саҥалыы бэлэмнэммитин билиһиннэрдибит, “Тобуруокап ыллыга” хайдах курдук тупсаҕайдык оҥоһуллубутун кэпсээтибит, түгэн көһүннэҕинэ түмэлгэ сылдьалларыгар сүбэлээтибит. “Күндүттэн күндүнү – олоҕу туойбутум”диэн ааттаах ТОК-оонньуу (Толкуйдаа Оонньоо Кыай.) кыра кылаастан саҕалаан сөбүлээн ааҕар, үөрэтэр айымньыларбыт ааптара Петр Николаевич Тобуруокап үбүлүөйдээх сылыгар анаан оскуолаҕа ыытылынна. Кылаас аайыттан иккилии оҕо […]

“Кэрэ киһиэхэ ийэҕэ”

Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх хомоҕой хоһоонньуттарбыт, ийэҕэ анаабыт хоһооннорун хомуурунньуга.

Олоҥхо уһун тыыннаах ааҕыыта.

Бэс ыйын 20-21 күннэригэр буолбут XV Олоҥхо ыһыаҕар Үөһээ-Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотека тэрийэн ыыппыт республикаҕа аан бастакытын ыытыллар П.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун 100 киһи кыттыылаах уһун тыыннаах ааҕыта икки күн быыстала суох ааста. Бу сэдэх тэрээһиҥҥэ республикабыт араас муннуктарыттан, Москваттан, Алтайтан 100 киһи кыттыыны ыллылар. Биир саамай ыраах сиртэн Турцияттан кыттыыны ылбыт, элбэх киһи көрөн- истэн […]

Үйэ аҥаарын уҥуордаан…

Бэс ыйын 15 күнүгэр нэһилиэкпитигэр 50 сыл ынараа өттүгэр ол эбэтэр 1972 сыллаахха, Саха государственнай университетын физика уонна математика факультетын иһинэн тэриллибит “Софим” студеннар тутар этэрээттэрин байыастара ыалдьыттаатылар, командир Василий Федорович Каратаев. 1972 сыллаахха биһиги нэһилиэкпитигэр “Дүллүкү” совхоз хонтуоратын туппуттарын сылаастык ахтан, эдэр саастарын санаан автотур тэринэн кэлэн бардылар. Уопсайа 7 байыас үөрэ- көтө, ырыа […]

“Төрүт дойдум Дүллүкүм” 1 чааһа

Дүллүкү нэһилиэгин 100 сылыгар анаммыт кинигэ, 2011 сыл. Редколлегия: Ан И.И.- нэһилиэк Баһылыга, Федоров В.Д.- салайааччы- сүбэһит, Саввинова Л.Н.- история учуутала, Васильева В.В.- саха тылын уонна литературатын учуутала, Санникова А.Р.- нэһилиэк библиотекатын сэбиэдиссэйэ, Чукрова Г.А.- музей салайааччыта, учуутал, Афанасьева А.И.- саха тылын уонна литературатын учуутала. “Төрүт дойдум Дүллүкүм” диэн кинигэ чааһынай предпринимателлэр Бадаев Н.Б. уонна […]

БИБЛИОСУМЕРКИ- 2022

Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар,Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан уонна XV олоҥхо ыһыаҕын көрсө, Арассыыйатааҕы«БИБЛИОСУМЕРКИ – 2022» “ӨБҮГЭ ҮГЭҺЭ-быстыбат ситим” Күнүс 12:00 чаастан уһуйаан иитээччитэ Любовь Ильинична Седалищева саха маанылаах аһын Саламааты хайдах буһарарга маастар- кылаас ыытта, кыттааччылар субу буспут саламааты амсайдылар бэлэх быһыытынан саламаат ырыссыаптаах буклет туттулар. XV олоҥхо ыһыаҕын көрсө биһиги нэһилиэкпит […]

Кинигэ биһирэмэ.

Үтүө күнүнэн! Бука барыгытын эҕэрдэлээн уонна кинигэ ааптарыгар Анатолий Макарович Федоровка – Дулуга, ону тэҥэ бу кинигэ тахсыытыгар сыраларын ууран туран үлэлэспит дьоммутугар, чуолаан: Нэһилиэкпит баһылыгар Егор Алексеевич Николаевка, Ветеран учууталларга Федоров Анатолий Макаровичка,Саввинова Людмила Никитичнаҕа, Васильева Валерия Васильевнаҕа уонна олохтоох дьаһалта сүрүннүүр специалиһыгар Ильина Нина Николаевнаҕа махтанан туран, “Төрүт дойдум – Дүллүкүм” диэн дьоһуннаах […]

“Төрүт дойдум Дүллүкүм” 2 чааһа

Федоров- Дулу, Анатолий Макарович. Төрүт дойдум Дүллүкүм: Дүллүкү нэһилиэгин 110 сылыгар ананар: икки чаастаах/ А.М.Федоров-Дулу; редакционнай сэбиэт: Е.А.Николаев[уо.д.а.].-Дьокуускай: Офсет,2021-.Ч.2/ [аан тылы суруйда Е.А.Николаев].-2021.-303с.:ил.,портр. Кинигэҕэ Дүллүкү нэһилиэгэ хайдах төрүттэммитэ, кэрдиис кэмнэринэн бу күннэргэ диэри сайдыытын устуоруйата хомоҕойдук кэпсэнэр. Ааптар нэһилиэк үлэһит дьонун туһунан суруйууларын ааҕаҥҥыт сэргиэххит, кинилэргэ үтүмэн үтүөлэрин иһин сүгүрүйүөххүт, махтаныаххыт. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар, […]

“Күөх Маай илдьитэ”

Үлэ, Эйэ, Маай! бырааһынньыгын көрсө “Күөх Маай илдьитэ” кэтэхтэн открытка күрэҕин тэрийэн ыыттыбыт. Кыттааччыларбыт эппиттэринэн: “Библиотека күрэх тэрийэн урукку альбому таһааран открытка сыымайдыы олорон 1944 сыллаахха убайбыт суруйбут суругун булан ыллыбыт”, “Урут оҕо сылдьан наадыйбат этибит, открыткаларга, кэлин улаатан баран көрдөххө атыннык көрөр эбиккин” диэн санааларын үллэһиннилэр. Кыттааччыларбыт үлэлэрэ: Үлэлэри көрөн, сыаналаан баран кыттааччыларга хас […]