Аан дойдуга поэзия күнэ- эдэр суруйааччы Светлана Егорова.

2010 с. Дүллүкү орто оскуолатын бүтэрбитим. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хоһоон, кэпсээн суруйан саҕалаабытым, үрдүкү кылаастарга Афанасьева Антонина Ивановна салайааччылаах “Эрчим” коррпостка дьарыктаммытым. Оскуоланы бүтэрэн да баран айар үлэбин салҕаабытым. 2014 с. “Открывая завесу сердца…” диэн маҥнайгы нуччалыы хоһооннорум хомуурунньугун Ridero диэн платформа нөҥүө таһаарбытым. 2015 с. “Кэскил” тэрийэн ыыппыт “Айар ыллык” оҕолорго аналлаах кэпсээн күрэҕэр […]

Бүгүн Өксөкүлээх Өлөксөй –Алексей Елисеевич Кулаковскай, саха литературатын төрүттээччи,поэт, гуманист-философ төрөөбүт күнэ.(16.03.1877-06.06.1926) хартыынаны баттаа, ыйытыктарга эппиэттээн бэйэҕин бэрэбиэркэлэн.

“Үлэ дьол”

“Уран тыл оһуора” түмсүү үлэҕэ аналлаах хоһоонноро киирдилэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Үлэ- дьол/Хомуйан оҥордо Тимофеева- Михайлова Р.Н.- Дьокуускай, 2020.-56 с. Ааптартан көҥүл сурук ылылынна.

“Бараахап дьыктаана”

Исиидэр Бараахап төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһугар 2023 сыл Исиидэр Бараахап сылынан биллэриллибитэ. Олунньу 13 күнүгэр Харбалаахтааҕы Исиидэр Бараахап аатынан түмэл уонна олохтоох библиотека тэрийбит “Бараахап дьыктаана” буолан ааста, ону сэргэ тылбаасчыт, сценарист Алексей Амбросьев- Сиэн Мунду “Уһулуччулаах дьон олоҕо” сиэрийэнэн тахсыбыт “Исидор Барахов” кинигэтин тула кэпсэтии буолла.

80 сыл анараа өттүгэр…

1943 сыл олунньу 23 күнэ үүнэр силлиэлээх түүн 3-с уонна 19-с, үксүн сахалар сулууспалыыр биригээдэлэрэ, туох баар бойобуой сэптэрин- сэбиргэллэрин сүкпүтүнэн, хайыһарынан Ильмень күөлү туоруур сыаллаах- соруктаах марш- бросок оҥорбуттара. Бу биригээдэҕэ 597 саха баара. Ытык Ильмень кыргыһыытын туһунан библиотечнай уруок 4 кылаас уолаттарыгар ыыттылынна. 2005 сыллаахха САХАФИЛЬМ национальнай кинокомпания уһулбут “Ильмень үрдүнэн туруйалар” киинэ […]

Үгэс буолбут сахалыы дьыктаан

Олунньу 18 күнүгэр Ийэ тыл уонна сурук- бичик күнүгэр анаммыт, үгэскэ кубулуйбут сахалыы дьыктаан суруйуута буолла. Быйылгы дьыктаан тиэкиһэ Алтан Сарын “Тоҕус этиҥ тойуга” сэһэниттэн “Киэһээ айан”диэн кэрчигиттэн быһа тардыыны суруйдулар. Дьыктааны суруттарда саха тылын уонна литературатын учуутала Кыыма Гаврильевна Алексеева. Түмүккэ бастыҥтан бастыҥ суруксуттар Иванова Наталья Аркадьевна уонна Руфова Надежда Михайловна, бастыҥ суруксуттар Герасимова […]

Республиканская акция “Подари радость- подари книгу”

14 февраля, Международный день книгодарения .Присоединились к благотворительной акции  библиотек Республики Саха Якутия «Подари радость – подари книгу». Акция направлена на поддержку многодетных семей и семей попавших в трудную жизненную ситуации. Главная идея акции – напомнить о том, что книга была и остается прекрасным подарком.  Книга – один из самых мудрых и драгоценных подарков.  В России, как и во всём мире, стало […]

Үөһээ Бүлүү оройуона (улууһа) төрүттэммитэ 88 сыла.

Үөһээ Бүлүү улууһа төрүттэммитэ 88 сылын уонна биллиилээх общественнай-политическай деятель И.Н.Барахов төрөөбүтэ 125 сылын көрсө «Уһулуччулаах дьонноох Үөһээ Бүлүү» диэн оскуола саастаах оҕолорго квест-оонньуу ыытылынна.6-10 кылаастар кытыннылар. 6 түһүмэхтээх сорудахтары толордулар. Бастакы түһүмэххэ “Үөһээ Бүлүү бэҕэһээ, бүгүн, сарсын” кинигэттэн “Үөһээ Бүлүү албан ааттаахтара” балаһаттан Руф Иванович Кардашевскай уонна Дмитрий Иванович Донской (Чөрөктүүрэп) тустарынан боппуруостарга эппиэттээһин. […]

Бүлүү Хотунтан кынат үүннэрэн

Биһиги Республикабытыгар Анегина Егоровна Ильина- Дмитриеваны билбэт киһи суох буолуо, онтон кини талааныгар сүгүрүйээччилэр өссө элбэхтэрин билэбит. Кини кэрэ куолаһын истэн, дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаабыттарын ааҕан сиппэккин. Анегина Егровна Урал хайатын аастахха Арҕаа Сибииргэ- Илин Сибииргэ уонна Дальнай Востокка билиҥҥи кэмҥэ суос- соҕотох ССРС народнай артыыската. Сахалар ортолоругар Анегина үһүс киһинэн ити үрдүк ааты ылбыта, […]

Таайтарыылаах таҥха.

Кинигэнэн таайыы. Бастакы ньыма. Ханнык баҕарар эргэ кинигэни, боппуруос биэрээт, арый. Харахха тута быраҕыллыбыт тексинэн инники олоххун быһаар. Иккис ньыма. Эргэ күлүүс тылыныл уонна кинигэ лиистэрин икки ардыгар чорбоҕорунан кыбыт. Кинигэ эмиэ эргэ буолара ордук. Күлүүс түспэтин курдук быанан кытаанахтык эрийэ баай. Онтон кинигэни күлүүс тыла тутуллар сиринэн дьиэ өһүөтүгэр эбэтэр аан үөһээ холуодатыгар ыйаа. […]