Үлэ, Эйэ, Маай! бырааһынньыгын көрсө “Күөх Маай илдьитэ” кэтэхтэн открытка күрэҕин тэрийэн ыыттыбыт. Кыттааччыларбыт эппиттэринэн: “Библиотека күрэх тэрийэн урукку альбому таһааран открытка сыымайдыы олорон 1944 сыллаахха убайбыт суруйбут суругун булан ыллыбыт”, “Урут оҕо сылдьан наадыйбат этибит, открыткаларга, кэлин улаатан баран көрдөххө атыннык көрөр эбиккин” диэн санааларын үллэһиннилэр.
Кыттааччыларбыт үлэлэрэ:


Иитиллэ сылдьыбыт дьоннорум Захарова Татьяна Филипповна уонна Степанова Александра Федоровна бэлэхтэспиттэр эбит , 1968 уонна 1971 сыллаах открыткалар бааллар. Күндү дьонум эҕэрдэлэрин ууруна сылдьабын, кэлин оҕолорбор көрдөрүөм диэн саныыбын.

Үлэлэри көрөн, сыаналаан баран кыттааччыларга хас биирдиилэригэр номинация олохтоотубут. Күөххэ үктэммиппитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Кыттыбыккытыгар махтанабыт!