“Өйдүүбүт! Махтанабыт! Сүгүрүйэбит!”

Өйдүүбүт!Махтанабыт!Сүгүрүйэбит! / [ хомуйан оҥордулар: “Дүллүкү нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии дьаһалтата уо.д.а. ; киирии тылы суруйда Е.А.Николаев]. – Дьокуускай : Офсет, 2020.- 320 с. : ил. Кинигэҕэ Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара, бибилэтиэкэрдэр, олохтоох нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ араас сылларга сэрии кыттыылаахтарыттан, үлэ фронун, тыыл үлэһиттэрин, сэрии сылын оҕолоруттан ылбыт ахтыылара киирдилэр. Дүллүкү нэһилиэгиттэн Аҕа дойду сэриитигэр […]

Саҥа ааҕааччылар.

Бүгүн Саха АССР 100 сылын бэлиэтии нэһилиэк библиотекатыгар маҥнайгы кылаас оҕолоро ыалдьыттаатылар. Библиотекаҕа сылдьыы быраабылатын билистилэр,И.Н.Барахов оҕо сааһын билиһиннэрэр библиотечнай уруок иһиттилэр. Туостан ынах оонньуур кырыйан былыргы өбүгэлэрбит оонньууларын оонньоотулар,түмүккэ нэһилиэк библиотекатын ааҕааччылара буолбуттарынан формуляр олохтонно уонна ааҕааччыны туоһулуур удостоверение туттарылынна.Оҕолор саҥаны билэн,көрөн,үөрэтэн,элбэх кинигэни уларсан ааҕыах буолан тарҕастылар.

“Даньыылап дьыктаана”

Норуот суруйааччыта – норуотун түмтэ! Муус устар 15 күнүгэр үгүс көлүөнэ саха дьоно сөбүлээн ааҕар чулуу суруйааччыта Софрон Петрович Данилов биир былаһааккаҕа республика олохтоохторун түмтэ.Горнай улууһун П. Д.Аввакумов аатынан Киин библиотека “Даньыылап дьыктаана” аахсыйаны республика олохтоохторугар тэрийэн ыытта. Аахсыйа норуодунай суруйааччы, бөдөҥ общественнай деятель төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна. Бу күн, оруобуна биир болдьоммут чааска республика […]

“Үрүҥ халааттаах аанньаллар”

Аан дойдутааҕы Доруобуйа күнэ — 1950 сыллаахтан хас сыл ахсын муус устар 7 күнүгэр бэлиэтэнэр. “Үрүҥ халааттаах аанньаллар”, 2013 сыллаахха Дүллүкү нэһилиэгэр балыыһа арыллыбыта 70 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт ахтыылардаах, хаартыскалардаах кинигэ тахсыбыта. Түгэнинэн туһанан кинигэ электроннай барыйаанын таһаарабыт.

7 апреля Всемирный день здоровья.

История праздника. С каждым десятилетием продолжительность жизни человека увеличивается, благодаря постоянному развитию, совершенствованию медицины и регулярных открытий в этой области. Ещё несколько десятков лет назад люди умирали от болезней, которые сейчас успешно лечатся и не вызывают панического страха и растерянности. Однако существует немало пробелов и нерешённых проблем в области медицины, которые требуют ежедневной проработки. Для […]

Сырдык санааннан салайтаран.

Саха сирин саллааттарын Ийэлэрин түмсүү салайааччытын ыҥырыытын ылынан нэһилиэк библиотеката уонна бастыҥ ааҕар кылаас оҕолоро о.э. 3 кылаас үөрэнээччилэрэ кылаас салайааччыта Мария Иосифовна Софронова спецоперацияҕа сылдьар саллааттарга кэһии бэлэмнээн Дьокуускай куоракка туттардыбыт.Сылаас тыллардаах сурук суруйан,дойдубут ойуулаах хаартыска уган ыыттыбыт. хомуллубут харчыга кэмпиэт,кофе,салфетка,шампунь уонна наскы ылан уктубут. Эн, дьоһуннаах уол оҕо буолаҥҥын,  Ийэ Дойдуҥ иннигэр Ытык […]

“Ноо! Олоҥхо 100 күнүгэр олорсон”

Дүллүкү нэһилиэгэр Россия норуоттарын култуурнай нэһилиэстибэтин сылыгар,Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылын, Үөһээ Бүлүүгэ Ийэ тыл сылын,XV Олоҥхо Ыһыаҕын көрсө“Ноо! Олоҥхо 100 күнүгэр олорсон…”“100 сыл, 100 хонук, 100 суруксут” диэн олоҥхо дьыктаанын суруйуута ыытылынна. Ынта Никиитэ олоҕун,айар үлэтин уонна Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн ыытыллыахтаах үлэлэри,инньики былааннары мустубут дьоҥҥо Николай Васильев- Харыйалаах Уола сиһилии кэпсээтэ. Сынньалаҥҥа хабылык,хаамыска, “Олоҥхо дойдутугар […]

“Сэттэ мэтириэт” кэтэхтэн ыйытык түмүгэ.

Сөптөөх эппиэттэр: Төрдүс мэтириэт. Сэттис мэтириэт. Үһүс мэтириэт. Бастакы мэтириэт. Алтыс мэтириэт. Иккис мэтириэт. Бэһис мэтириэт. КЫАЙЫЫЛААХТАР: Антонина Романовна Санникова-Дүллүкү. Екатерина Михайловна Иванова- Дүллүкү. Софья Ивановна Устинова- Дүллүкү /Дьокуускай/ Мария Романовна Карадчина- Дүллүкү /Үөһээ Бүлүү/ Агафья Федоровна Анисимова- Дүллүкү. Александра Николаевна Руфова- Дүллүкү. Добун суруктары төлөпүөҥҥүтүгэр хачайдаан ылыаххытын сөп.