Оскуолаҕа бастакы дискотекалар.

1984с. дылы оскуола иһигэр ыытыллар биэчэрдэр (клубка даҕаны) оччотооҕу сиэринэн борустуой пластинкалаах биир проигрыватель көмөтүнэн ыытыллаллар этэ.Мин ити кэмҥэ культпросвет училищены бүтэрэн кэлэн, оскуолаҕа лаборанынан үлэлиирим. Уроктарга темаларыгар аналлаах киинэлэри ,,Украина”- диэн кыра школьнай кинопроекторынан үгүстүк көрдөр этим. Оҕолор оһуоба история уруоктарыгар көстөр сэриилээх киинэлэри сөбүлээччилэр. Дьэ ол сылдьан арай идея киирдэ. Бу оҕолорго аныгы […]
Оскуолабыт барахсан

Сотору 2028 сылга нэһилиэккэ оскуола арыллыбыта төгүрүк 100 сылын туолуохтаах уонна бу турар оскуолабыт тутуллан үлэҕэ киирэн, үөрэх-билии аартыгар оҕолору ыҥыран киэҥ ааннарын тэлэччи арыйбыта үйэ аҥаардаах кирбиитин быһа үктээн ааһан эрэринэн сибээстээн ити ааспыт 50 сыл кэрчик кэм иһигэр араас идэлэргэ үлэлээн-хамнаан ааспыт техүлэһиттэрбитин кыратык ахтан санаан ааһар тоҕоостоох дии саныыбын, ол курдук. Тырахтарыыстар. […]
Күннээҕи сонуннартан
Түҥ былыр өбүгэ саҕаттан, төрүт саха баар буолуоҕуттан күн бүгүнүгэр дылы тиийэн кэлбит норуот кэтэһэр таптыыр улахан бырааһынньыга Ыһыах буолар.Ол сиэринэн былырыын нэһилиэк уопсай мунньаҕынан бигэргэнэн ППМИ программатыгар киирсэн, олохтоохтор уонна ыраах-чугас олорор биир дойдулаахтарбыт харчы хомуйуутугар көхтөөхтүк кыттыһаннар, быйыл уҥуор турар ыһыахтыыр площадкабыт тупсарыллан саҥа тутууларынан тупсарылла турар.Тендергэ кыайбыт алта киһилээх бригада кэлэн үлэлээбиттэрэ […]
Кыратык быыбар туһунан
Дьэ били ,,былыр этэ былыт диэн”- диэбиккэ дылыоччолорго 80-с сылларга быыбар кэлэрэ бэйэтэ улахан бырааһынньык кэриэтэ буолааччы.Уулусса быыбарга ыҥырар кыһыл плакаттарынан симэнэн турааччы .Эргэ кулууп дьиэбитигэр, киэһэ 8ч. улахан киэҥ программалаах концерт туруоруллара.Ол кэннэ кулууп иһэ сарсыарда 6ч. дылы араас маассабай оонньууларынан туолара.Кулууп дьиэ ис тутуутун архитектурата онно анаммыт курдук оҥоһуулаах буолан оруобуна сөп түбэһэрэ.Ол […]
Архыыппын арыйан көрдөххө…
Кулууп туһунан. ? Бу билигин үлэлээн ньиргитэ олорор кулууппут дьиэтэ ааспыт үйэ бүтүүтэ, сойуус ыһыллыа аҕыйах сыл хаалтын кэннэ 1986с.тохсунньу 25 күнүгэр үөрүүлээх митинг-концерт, ол кэннэ танцы-мансы до утра доҕуһуолунан арыллыбытын оччотооҕу эдэр ыччат дьон бэркэ өйдүүр буолуохтаахтар. Ол сылларга кулууп директорынан- Петров Сергей Кириллович, методистарынан-Христофорова Валентина Ивановна, Константинова Татьяна Егоровна, худрук- Михайлова Наталья Дмитриевна, […]
Архыыппын арыйан көрдөххө…
Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар Дүллүкү нэһилиэгин үрүҥ-хара килиэбинэн аһатан хааччыйан олорбут эргэ пекарня дьиэтэ Ойбон-Күөлгэ киирэр аартыкка турбута.Итиннэ пекардарынан Ильина Варвара Петровна уонна Семенова Марфа Алексеевна өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ. Оччолорго килиэби буһарыы барыта илии күүһүнэн оҥоһуллар буолан сүрдээх ыарахан үлэлээх этэ. Ол курдук сарсыарда дьон тура илигинэ, олох эрдэ кэлэн дириҥ истээх улахан […]
Архыыппын арыйан көрдөххө…
Дүллүкү нэһилиэгэр бастакы ?телевизор 1975с. күһүнүгэр Уус Миитэрэйдээххэ (Өкөчөр) дьиэтигэр киирбитэ, 30м.уһуннах модьу маска хам сааллан оҥоһуллубут антеннаны элбэх дьон көмөлөөн уһун быаннан тардан, тракторынан астаран көмөлөһүннэрэн туруорбуттарын өйдүүбүн.Ити кэмҥэ оройуон киинигэр өссө телевизор кэлэ илигэ.Вышкалара оҥоһуллан ситэ илик быһыылааҕа.Ол иһин Бүлүү вышкатыттан ыллараары антеннаны төһө кыалларынан уһата сатыыллара.Иккис телевизор Афанасьев Владимир Егоровичтаахха баар буолбута. […]